СҮБЭҺИТ. Элбэх сыллаах үүнээйилэри хайдах харайабыт?
Саха сирин тыйыс тымныыларыгар элбэх сыллаах үүнээйилэри хайдах харайар, ханнык уоҕурдуулары кутар туһунан СИА-ҕа СО РАН Криолитозона биологическай проблемаларын институтун СӨ Ботаническай саадын старшай научнай үлэһитэ Дария Андросова сүбэлээтэ. Маны таһынан испэсилиис балаҕан ыйыгар диэри ханнык мастары, талахтары уонна сибэккилэри олордуохха сөбүн кэпсээтэ.
Хайдах харайабыт?
— Сезон бүтүүтэ, балаҕан ыйыгар-алтынньыга, хас да сыллаах сибэккини быһар ордук. Ити үүнээйилэри буортулааччылартан уонна ыарыылартан көмүскүүр, тымныыларга бэлэмниир. Бастаан сэбирдэхтэрэ хагдарыйалларын кэтэһиҥ. Сибэкки эбии үнүгэстэрин барытын быһыахха наада: пионнарга, водосбордарга, акониттарга, живокосттарга сир ньууруттан 4-5 см үрдүккэ быһыллар, лилияҕа – 15 см, иристэргэ уонна лилейниктарга — 15 см. Манна пионнарга уонна адонистарга умнастарыгар булгуччу бөхчөхтөрө хааларын кэтээн көрүҥ.Быһыллыбыт талах умнастарыгар 1-1, 5 ыстакаан күллэ кутуҥ. Бу үүнээйилэр кыстыгы тулуйумтуотунан эрэ буолбакка, олохторун тупсарыыга эмиэ дьайар. Ууну сибэккигэ элбэхтик кутуҥ. Саас уу мунньуллубатын туһугар төрдүлэригэр дьоҕус ханаабалары оҥоруҥ. Үүнээйилэр вегетация сезонун бүтүөр диэри элбэх ууга наадыйаллар, онон буору илитэри умнумаҥ. Үүнээйи бу кэм устата сииги хомуйбат буоллаҕына, кыһын өлүөн сөп. Пионнар, ириистэр, лилиялар кыһыны хаар анныгар үчүгэйдик туорууллар. Оттон оҕуруокка атын үүнээйилэр баар буоллахтарына, кинилэри сөпкө көрөн кистиэххэ наада. Үрдүгэр опилка эбэтэр перегной кутуохха сөп. Халыҥа 15 см кырата суох буолуохтаах, онтон салгыы үрдүн лутрасилынан эбэтэр спанбондонунан сабыллыахтаах. Бу үлэни алтынньы бүтүөр диэри, күүстээх тоҥоруу түһүөн иннинэ ыытар ордук. Саас муус устарга күн-дьылы кэтээн көрөн, сыыйа арыллыахтаах.
Тугу кутабыт?
— Күһүн үүнээйилэр фосфорнай-калийнай уоҕурдууларга ордук наадыйаллар. Маннык аһатыы элбэх сыллаах үүнээйини төрдүттэн бөҕөргөтүөҕэ уонна кинилэргэ наадалаах эттиктэри мунньарга көмөлөһүөҕэ. Уоҕурдууну балаҕан ыйын бастакы дэкээдэтигэр куталлар. 35-60 г кураанах уоҕурдууну квадратнай миэтэрэҕэ сир ньуурун үрдүнэн ыһыллар, кыраабылланар уонна өлгөмнүк уу кутуллар. Үүнээйилэр эргэ, хаппыт сэбирдэхтэрэ ыраастааныахтаах, манна буортулаах бактериялар үөскүөхтэрин сөп. Ону кытта таһынааҕы сыыс оту ыраастаан.
Тугу олордобут?
— Саамай тарҕаммыт элбэх сыллаах үүнээйилэри атырдьах ыйын ортотугар диэри Саха сиригэр флокс, пион, ирис, дельфиниум, адонис уонна купальница олордоллор. Бу үүнээйилэр бары тымныылартан толлубаттар, күүстээх тымныылары тулуйаллар. Мас уонна сэппэрээк, спирея, дьаабылака отоно, хатыҥ, сирень, жимолость, ива уонна акация курдук мас үүнээйилэри эмиэ күһүн куттаммакка олордуохха сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: