Сүүһүн туолбут ытык кырдьаҕаһы эҕэрдэлээтилэр
Үлэ, тыыл бэтэрээнэ, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, ытык киһи Евдокия Петрова сүүс сааһын туолла.
Кини 1923 с. олунньу 16 күнүгэр Саха АССР Орджоникидзе оройуонугар Кытыл Дьурааҕа дьаамсыктар дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Ытык кырдьаҕаһы В.П.Решетников аатынан кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-дьиэлэригэр эҕэрдэлээтилэр.
«Үйэ саас» бочуоттаах ааты Ил Дархан Айсен Николаев аатыттан Дьокуускай куорат нэһилиэнньэ социальнай көмүскэллээх буолуутун управлениетын салайар Семен Матвеев ытыс тыаһыгар арыаллатан туттарда. Маны сэргэ, үбүлээргэ 100 тыһ.солк. кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүр ананар.
Итии-истиҥ эҕэрдэлэрин СӨ Киһи быраабыгар боломуочунай Сардана Гурьева, Дьокуускай куорат Думатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Евдокия Евсикова, «Күн судаар дьаамсыктарын удьуордара» СӨ уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Ирина Стрекаловская уонна «Ямские бубенцы» ансаамбыл, Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Иринеев, 5-с Малдьаҕар нэһилиэгин баһылыга Николай Осипов, Дьокуускай куорат бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Тряпша, интэринээт-дьиэ үлэһиттэрэ, биир дойдулаахтара уо.д.а. тиэртилэр. Сүрэхтэн тыллар истиҥ эҕэрдэлэри сэргэ ырыа-тойук дьиэрэйдэ.
Евдокия Петрова хос эһэтэ Саха сиригэр кэргэнин уонна икки уолун илдьэ, 18-с үйэ бүтүүтэ Ярославскай губернияттан көһөн кэлбит. Кэлин үһүс уол төрөөбүт. Евдокия Васильевна аҕата, Петров Василий Михайлович. Евдокия оскуолаҕа тоҕуһугар барбыт. Түөрт кылааһы Кытыл Дьурааҕа, 5-6 кылаастары Сиинэҕэ бүтэрбит.
1941 с. бэс ыйын 18 күнүгэр Евдокия Покровскайга кирпииччэ собуотугар үлэлии киирбит. 1942 с. кулун тутартан Покровскайдааҕы пищекомбинакка, онтон Госзакупкаҕа үлэлээбит. 1943 с. ыам ыйыгар комсомол райкома кинини сберкаассаҕа контролерунан үлэлэтэ ыыппыт.
1947 с. тохсунньуга Дьокуускайга Горисполкомҥа нолуок буҕаалтырынан үлэлии барар. 1948 с. Жатайга көһөр. Онно сберкаассаҕа контролердуур, суудунаны өрөмүөннүүр собуокка учуотчугунан, кэлин, 1955 с. кулун тутарга диэри бухгалтерияҕа счетоводунан үлэлээбит. 1955 с. Алтай кыраайыгар Бийскэйгэ көһөр. Онно ательеҕа иистэнньэҥинэн үлэлиир. Биэс сылынан Дьокуускайга төннөн кэлэн 1966 с. диэри иистэнэр мастарыскыайга үлэлиир. 1967 с. дьиэ кэргэнинэн Калуга уобалаһыгар көһөр. 1968 с. Днепропетровскайга Украинаҕа олорор. 1972 с. Дьокуускайга төннөр. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, Дьокуускайга олорор. Отут сыл буолан баран, уолугар Волгоград уобалаһыгар көһөр. Онно олорон баран, дойдутугар Покровскайга көһөн кэлэргэ быһаарыммыт. 2014 с. Дьокуускайга интэринээт-дьиэҕэ киирбит.
Евдокия Васильевна — үлэлээбит үлэтинэн, сырдык санаатынан үтүө холобур буолар. Евдокия Васильевнаҕа этэҥҥэ буолууну, бары үтүөнү баҕарабыт.
А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: