Сүүмэрдэммит хамаанда үҥкүүһүттэрэ саҥа сезоҥҥа бэлэмнэнэллэр
Саха сирин эдэр спортсменнара эһиил сайын Дьокуускайга ыытыллар «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга бэлэмнэнэр эппиэтинэстээх дьыллара үүнэн эрэр.
Атырдьах ыйын 18 күнүттэн спортивнай үҥкүүгэ СӨ сүүмэрдэммит хамаандата Владимирскай уобаласка баар «Жемчужина» парк-отельга хомуурун саҕалаата. Манна Арассыыйа бары эрэгийиэннэриттэн эрчиллэ кэлэллэр. Кинилэри Москваттан Наталья Кулагина тэрийэн дьарыктыыр. Сүрүн тириэньэринэн СӨ сүүмэрдэммит хамаандатын старшай тириэньэрэ Павел Лопатин үлэлиир. Кини бэйэтэ бу көрүҥҥэ ааттаах-суоллаах спортсмен буолар — Арассыыйа чөмпүйүөнэ, аан дойду икки төгүллээх вице-чөмпүйүөнэ. Спортсменнар сөптөөх дьарыгы ааһалларыгар туох баар тупсаҕай усулуобуйа барыта тэрилиннэ.
Ол курдук, СӨ хамаандатыттан пааранан үҥкүүлүүр Арылхан Данилов уонна Милослава Мазанова, Тимофей Проводин уонна Анита Фёдорова, итиэннэ Нелли Лилло салайааччылаах «Реверанс» кулууп 11 иитиллээччитэ бааллар. Кинилэр биэс күн устата дьарыктаныахтара.
Павел Лопатин: «Күҥҥэ ортотунан 8 чаас устата бөлөҕүнэн уонна тус уруоктары ыытабыт. Манна европейскай бырагыраама, латиноамериканскай бырагыраама, ОФП, хореография уонна түмүктүүр уруоктар киирэлэр. Сайыҥҥы сынньалаҥтан спортивнай эрэсиимҥэ киирэр сыаллаах хомуур ыытыллар. Спортсменнар физическэй формаларыгар киирэллэригэр, саҥа дьоҕуру ылалларыгар уонна балаҕан ыйыгар Москваҕа ыытыллар турнирдарга бэлэмнэнэллэригэр ананар».
«Реверанс» кулууп салайааччыта Нелли Лилло: «Спортсменнар биир өйдөөх-санаалаах дьоннорун быыһыгар сылдьаллара олус улахан суолталаах. Оччотугар барытын түргэнник ылынар, сайдар, күрэхтэһэр кыахтаналлар».
СӨ Үҥкүү успуордугар сойууһун бэрэсидьиэнэ Людмила Николаева хомуур туһунан санаатын үллэстэр: «Сайыҥҥы хомуурдар эбии сайыннарар дьарыктарынан, быраактыкаларынан уонна артыыс маастарыстыбатын уруоктарынан, сайдыыны түргэтэтэн биэрэллэрэ саарбахтаммат. Спортсменнар кылгас кэм иһигэр сатаабатахтарын сатыыр буолуохтара. Кэлэр күрэхтэһиилэргэ спортсменнар уйулҕа өттүнэн бэлэмнэнэллэригэр көмөлөһөр үөрэх буолар».
Бу туһунан Үҥкүү успуордун сойууһун пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: