Сүүмэрдэммит хамаанда үҥкүүһүттэрэ саҥа сезоҥҥа бэлэмнэнэллэр

Share

Саха сирин эдэр спортсменнара эһиил сайын Дьокуускайга ыытыллар «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга бэлэмнэнэр эппиэтинэстээх  дьыллара үүнэн эрэр.

Хаатыска: Үҥкүү федерациятыттан.

Атырдьах ыйын 18 күнүттэн спортивнай үҥкүүгэ СӨ сүүмэрдэммит хамаандата Владимирскай уобаласка баар «Жемчужина» парк-отельга хомуурун саҕалаата. Манна  Арассыыйа бары эрэгийиэннэриттэн эрчиллэ кэлэллэр. Кинилэри Москваттан Наталья Кулагина тэрийэн дьарыктыыр. Сүрүн тириэньэринэн СӨ сүүмэрдэммит хамаандатын старшай тириэньэрэ Павел Лопатин үлэлиир. Кини бэйэтэ бу көрүҥҥэ ааттаах-суоллаах спортсмен буолар — Арассыыйа чөмпүйүөнэ, аан дойду икки төгүллээх вице-чөмпүйүөнэ. Спортсменнар сөптөөх дьарыгы ааһалларыгар туох баар тупсаҕай усулуобуйа барыта тэрилиннэ.

Ол курдук, СӨ хамаандатыттан пааранан үҥкүүлүүр Арылхан Данилов уонна Милослава Мазанова, Тимофей Проводин уонна Анита Фёдорова, итиэннэ Нелли Лилло салайааччылаах «Реверанс» кулууп 11 иитиллээччитэ бааллар. Кинилэр биэс күн устата дьарыктаныахтара.

Хаатыска: Үҥкүү федерациятыттан.

Павел Лопатин: «Күҥҥэ ортотунан 8 чаас устата бөлөҕүнэн уонна тус уруоктары ыытабыт. Манна европейскай бырагыраама, латиноамериканскай бырагыраама, ОФП, хореография уонна түмүктүүр уруоктар киирэлэр. Сайыҥҥы сынньалаҥтан спортивнай эрэсиимҥэ киирэр сыаллаах хомуур ыытыллар. Спортсменнар физическэй формаларыгар киирэллэригэр, саҥа дьоҕуру ылалларыгар уонна балаҕан ыйыгар Москваҕа ыытыллар турнирдарга бэлэмнэнэллэригэр ананар».

«Реверанс» кулууп салайааччыта Нелли Лилло: «Спортсменнар биир өйдөөх-санаалаах дьоннорун быыһыгар сылдьаллара олус улахан суолталаах. Оччотугар барытын түргэнник ылынар, сайдар, күрэхтэһэр кыахтаналлар».

СӨ Үҥкүү успуордугар сойууһун бэрэсидьиэнэ Людмила Николаева хомуур туһунан санаатын үллэстэр: «Сайыҥҥы хомуурдар эбии сайыннарар дьарыктарынан, быраактыкаларынан уонна артыыс маастарыстыбатын уруоктарынан, сайдыыны түргэтэтэн биэрэллэрэ саарбахтаммат. Спортсменнар кылгас кэм иһигэр сатаабатахтарын сатыыр буолуохтара. Кэлэр күрэхтэһиилэргэ спортсменнар уйулҕа өттүнэн бэлэмнэнэллэригэр көмөлөһөр үөрэх буолар».

Бу туһунан Үҥкүү успуордун сойууһун пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago