Сыыппара харчы: хайдах, туохха туһанылларый?
Билигин кумааҕы харчыны күннээҕи олохпутугар бэрт сэдэхтик туттар буоллубут. Аныгы үйэ сиэринэн атыы-тутуу барыта куйаар ситимин нөҥүө ыытыллар. Бу систиэмэ барбах эрэ биир сүүрбэччэ сыл иһинэн олоххо киирбитэ киһини сөхтөрөр. Билигин аны аан дойдуга кумааҕы харчыны уонна каартанан анал счеттан ыытыһыыны таһынан өссө сыыппара харчы диэн өйдөбүл киирэн эрэр. Арассыыйаҕа былырыын манна анаан сокуон таһаарбыттара. Онон бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр харчы бу көрүҥүн туһунан кэпсэтиэҕиҥ.
Сыыппара харчы өйдөбүлэ
Билигин кумааҕы харчы (наличные) уонна анал счеттан каарта нөҥүө харчыны ыытыы (безналичные) диэн өйдөбүллэр баар буоллахтарына, манна өссө үһүс өйдөбүл киирдэ – сыыппара солкуобай (цифровой рубль). Бу туох харчыный?
Сыыппара солкуобай – национальнай валюта биир көрүҥэ буолар. Бэйэтин аатыгар да этэринии, бу электроннай харчы. Электроннай харчылартан билигин аан дойду үрдүнэн криптовалюта улаханнык биллэр. Ол эрээри өскөтүн криптовалюта хас күн аайы халбаҥныы турар уонна уйуга суох буоллаҕына, сыыппара солкуобай баанынан салаллар уонна син биир дойду көмүһүнэн валютатынан кэмнэнэр буолар. Онон криптовалюта курдук бүгүн баар, сарсын суох буолбат.
Аны туран, бу олорон санаатахха, сыыппара валюта кумааҕы уонна бааҥҥа сытар харчылар аналларын барытын илдьэ сылдьар буолан, күннээҕи олоххо туһанарга табыгастаах буолуох курдук. Холобур, сыыппара харчыҥ өрөбүлү, үлэ чааһын билиммэт, ону тэҥэ интэриниэт суох сирдэригэр эмиэ төлөһүөххэ сөп. Онон олоххо киэҥник тарҕанан бардаҕына биһиги ыраах уонна суола-ииһэ суох, ардыгар сибээс быстар сирдэрбитигэр туһалаах буолууһу.
Бу систиэмэ тоҕо киирдэ?
Бу боппуруоска биир этиинэн хоруйдуур уустук. Манна үгүс санаа баар. Сорохтор экэниэмикэ, үп барыта сыыппараҕа көһөн эрэр, ол иһин сыыппара харчы киирэрэ уолдьаста дииллэр. Манна даҕатан эттэххэ, Арассыыйаҕа сыыппара харчыны киллэрии дьиҥэр 2020 сылтан ыытыллыбыта. Ол эрээри кэккэ биричиинэлэринэн тустаах сокуон былырыын эрэ оҥоһуллан таҕыста.
Эспиэрдэр этэллэринэн, сыыппара харчыны киллэрии хас да төрүөттээх. Бастатан туран, бу харчыны туһаныы судургу диэн этэллэр. Иккиһинэн, төрдө-төбөтө суох криптовалютаны ырыынактан сабырыйыы эмиэ төрүөт буолбута саарбаҕа суох. Ону сэргэ билигин, дойдубутугар тас дойдулартан ыгыы-түүрүү ордук сытыырхайбыт кэмигэр, бэйэбит систиэмэбитин оҥосторбут эмиэ наада курдук. Онон хас да төрүөт бииргэ түмүллэн билигин кэмэ кэлбит эбит диэн түмүктүөххэ сөп.
Хайдах туһанылларый?
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бу күннэргэ сыыппара харчыны олоххо киллэрии туһунан мунньах ыытта. Санатан эттэххэ, былырыын Киин баан атырдьах ыйыттан саҕалаан пилотнай бырайыагы ыыппыта. Манна Арассыыйаттан уон икки баан кытта сылдьар. Ол иһигэр “Сбербаан”, “ВТБ”, “Газпромбаан”, “Росбаан”, “Тинькофф”, “Альфа-баан”, “ДОМ.РФ” курдук биллэр-көстөр бааннар. Бэрэсидьиэн мунньахха бэлиэтээбитинэн, биир сыл иһигэр бу систиэмэ киэҥ эйгэҕэ тарҕаныан сөбүн дакаастаабыт.
– Билигин бу бырайыакка 12 баан, 600 киһи, уон биир куораттан 22 тэрилтэ кыттар. От ыйын 1 күнүнээҕи дааннайынан, барыта 27 тыһыынчаттан тахса үп ыытыыта оҥоһуллубут. Бу систиэмэ үлэлиирин уонна туһалааҕын көрдөрдө. Онон билигин киэҥ эйгэҕэ тахсарын, тарҕанарын туһугар үлэни ыытыахха наада, – диэн бэлиэтээтэ.
Манна биир ыйытыы үөскүүр: хайдах туһанабытый? Бааннар этэллэринэн, сыыппара харчыны туһаныы син эмиэ каартанан туһанар курдук судургу. Тустаах сыһыарыыга киирэн, билигин баантан харчыны бэйэ-бэйэҕэ ыытыһар курдук, харчыны ханна баҕарар ыытыахха эбэтэр куодунан маҕаһыыннарга төлөһүөххэ сөп.
Сыыппара харчы төһө эрэллээх буолуоҕай уонна уоран ылыахтара суоҕа дуо диэн ааҕааччым хайаатар да саныы олорор буолуохтааххын. Киин баан этэринэн, бу систиэмэ ким да хотуппатын гына түөрт өттүттэн халыҥ дүлүҥнэринэн бүрүллүбүт. Онон билигин баан сыһыарыыларын туһанаргыт курдук куттала суох туһаныаххытын сөп диэн этэллэр.
Киин баан бэрэссэдээтэлэ Эльвира Набиуллина иһитиннэрбитинэн, сыыппара харчы эһиилгиттэн киэҥник тарҕаныахтаах. “Сыыппараҕа көһүү түһүмэҕинэн киириэҕэ. Ырыынак бары эйгэтигэр, нэһилиэнньэҕэ да, биисинэскэ да, табыгастаах уонна туһалаах буоларын курдук”, – диэн этэр кини.
Түмүк оннугар
Аан дойдуну ылан көрдөххө, билигин маннык систиэмэ Нигерияҕа киэҥник тарҕаммыт. Ону таһынан Кариб муоратын дойдуларыгар, Францияҕа, Канадаҕа, Араб Холбоһуктаах Эмираттарыгар, Соҕуруу Кэриэйэҕэ, о.д.а. дойдуларга оҥоһуллара иһиллэр. Кытай уонча сыллааҕыта маннык хабааннаах систиэмэни киллэрбитэ да билиҥҥитэ биллибэт.
Онон ыллахха, Арассыыйа бу чааһыгар инники күөҥҥэ иһэр. Билигин пилотнай бырайыак быһыытынан киирэн баран, дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕанан барыахтаах. Биллэн турар, хамнас, биэнсийэ, социальнай төлөбүрдэр сыыппараҕа көһүөхтэрэ суоҕа. Ол эрээри нэһилиэнньэ туһанан бардаҕына бэйэтэ харчытын хайа баҕарар көһөрүөн сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: