Сыыппара пуорумугар — Кытай устудьуоннара

Share

Бу чааска «Үлэ кыбартаала» урбаан креативнай кластер киинигэр «Цифровой алмаз» федеральнай таһымнаах пуорум буола турар.

Тэрийээччилэр дойду 70 эрэгийиэниттэн икки тыһыынчаттан тахса кыттааччы кэлэрин былааннаабыттара. Ол иһигэр Кытайтан, Индияттан, Казахстантан уонна Узбекистантан кэлбит ыалдьыттар бааллар.

Ил Дархан Айсен Николаев пуорум аһыллыытыгар 2600 кыттааччы бэлиэтэммититтэн 300 киһи Арассыыйа атын эрэгийиэннэриттэн кэлбиттэрин иһитиннэрдэ.
Кырдьык, тэрээһиҥҥэ кыттааччы да, интэриэһиргээн кэлээччи да үгүс. Бэл, баараҕай бэйэлээх «Үлэ кыбартаала» кластер олох кыараан хаалбыт курдук буолбут. Мин аттыбар турар кыргыттары көрөн, кинилэрдиин кэпсэтэргэ сананным.

Ван Цикунь уонна Ван Синьюй ХИФУ устудьуоннара эбит.
Кыргыттар Кытай Щаньдун провинцияттан сылдьаллар. Кинилэр сэттиэ буолан «Управление человеческими ресурсами» магистерскай бырагыраама чэрчитинэн быйылгы үөрэх дьылыгар Кытайтан биир сылга үөрэнэ кэлбиттэр.

— Кууруспутугар 24 киһи үөрэнэр. Манна нуучча тылыгар анаан үөрэнэ сылдьабыт. Дойдубутугар экэниэмикэни сайыннарыыга сонун сүүрээннэри киллэрэр баҕалаахпыт. Онон аан дойду таһымыгар тахсарга, биллэн турар, нуучча тылын билэр олус наада, — диэн санаатын үллэһиннэ 22 саастаах эдэр экэнэмиис Ван Синьюй.

Кыргыттар Арктическай институт устудьуоннара саха таҥаһын муодатын көрдөрөллөр үһү диэн истибиттэр. «Пуорум бары тэрээһиннэрин көрөр баҕабыт улахан. Саха сирин олус кэрэхсээтибит», — диэн анаан бэлиэтээтилэр.

Елена Потоцкая.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус-Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

48 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

2 часа ago