Салгыы
Сыыппара пуорумун быыстапката болҕомтону тарта

Сыыппара пуорумун быыстапката болҕомтону тарта

12.11.2024, 16:30
Е.Потоцкая хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Бүгүн «Үлэ кыбартаала» креативнай кластерга буола турар быыстапка үгүс дьон болҕомтотун тарта.

Урукку ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ тэҥнээтэххэ, III федеральнай сыыппара пуорумун быыстапкатыгар дойду араас эрэгийиэннэриттэн кыттааччы олус элбэх.

Кинилэр ортолоругар Саха сирин сонун сүүрээни киллэрэр тэрилтэлэрэ бааллара үөрдэр. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, олоҕу кытта инники күөҥҥэ хардыылаан иһэр тэрилтэ элбээбитэ харахха быраҕыллар.

«Голос внутри» бырайыак туризмы сайыннарыыга аналлаах. Кулгаахха кэтэр наушник испэктээххэ, экскурсияҕа, араас биһирэмнэри ыытыыга туттуллуон сөп. Биир тэрил арендатын сыаната — 700 солк.

Мин бу бырайыагы бэркэ интэриэһиргээн көрө турар пуорум кыттааччыларын кытта кэпсэттим.
Амма улууһутан дьаһалтаҕа экэнэмиичэскэй былааннааһын управлениетын салайааччыта Ольга Слепцова санаатын маннык үллэһиннэ:

— Амма туризм хайысхатынан утумнаахтык сайдар улуус. Онон бу кулгаахха кэтэр «Голос внутри» бырайыагы болҕомтоҕо ылан, бииргэ үлэлииһибит диэн санааҕа кэллим. Түмэллэргэ, экскурсияларга бу маннык наушниктары туһаныахпытын сөп эбит. Холобур, сөптөөх тиэкиһи биэрдэхпитинэ, артыыстарга, диктордарга дорҕоонноохтук аахтаран, дьон болҕомтотун тардыахха сөп эбит. Истэн көрдүбүт — олус бэрт! Сыыйа бэйэбит да ылсан, маннык бырайыагы олоххо киллэрииигэ, тупсаран биэрэн, сахатытан бэйэбит да оҥоруохпутун сөп.

Биһиги сотору кэминэн сыыппара технологияларын олоххо киллэриигэ анаан туспа тэрээһин тэрийэр былааннаахпыт. Бу пуорумҥа сылдьан баран, сөпкө толкуйдаммыт эбиппит дии санаатым. Бастаан утаа салалтам «баран көрөн-истэн кэлиҥ» диэбитин ылынан, исписэлиистэрбин кытта көрө, билсэ эрэ кэлбитим. Билигин тэрээһиннэргэ сылдьан сөбүлээн, пуорум иккис күнүгэр салайааччыларбын бэйэлэрин, тустаах исписэлиистэри кэлэн көрөн-истэн баралларыгар, баай уопуту туһаналларыгар ыҥырыам.

Ити курдук, киһи интэриэһиргээн көрөр, кэрэхсиир тэрээһинэ буола турар. Сарсын — пуорум иккис күнэ. Кэлиҥ, сылдьыҥ, уопутта эбиниҥ.

Елена Потоцкая хаартыскаҕа түһэриитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: