Сыыппара уонна киһи

Share

Киһи дьылҕатыгар чыыһыла сабыдыалын үөрэтэр билим салаата нумерология диэн ааттанар. Нумерология былыр-былыргыттан баара биллэр. Улуу Пифагор: “Аан дойдуну сыыппара салайар” эбэтэр “саамай муударай – чыыһыла”, – диэн этэн турар. Билигин чыыһыла көмөтүнэн дьон инники олоҕун сэгэтэн көрөргө талаһар. Ол эрээри, сыыппара кистэлэҥ күүһэ билигин даҕаны толору арылла илик дииллэр. Сахалар эмиэ сыыппараҕа болҕомто уураллара. 

Сыыппара үөдүйүүтэ

Түҥ былыргы дьон ахсааны өссө буукуба, сыыппара иннинэ билбиттэрэ диэн суруйаллар. Өлөрбүт бултарын үллэстэллэригэр, хастыы буолан бултуу баралларын быһаарарга көнө мастары (палочка) туһаналлар эбит. Бу көрүҥ римскэй сыыппараҕа көстөр. Маҥнай илиилэрин, салгыы атахтарын тарбахтарын көмөлөһүннэрэн ааҕаллара үһү. Онтон тарбахтан таһынан баран, бэлиэ­тиир ирдэнэр буолан, араас дойдулар хайдах сатыылларынан сыыппаралары толкуйдаабыттара диэн этэллэр. Бастакынан египтяннар, гректэр, римляннар сыыппаралары айбыттара диэн суруйаллар.

Суолтата

Чыыһыла туох эрэ көстүүнү уонна түбэлтэ ис дьиҥин арыйар диэн итэҕэйэр дьон этэллэр. Бу теорияҕа олоҕуран, чыыһыла көмөтүнэн түҥ былыргы дьон илдьитин кис­тэлэҥин арыйыахха сөбүн ыйаллар. Сыыппара үөрэҕин чинчи­йээччилэр чыыһыла киһиэхэ дьайар суолталааҕын бэлиэ­тииллэр. Тыл билимин дуоктара В.И.Сергеев “Дьон уонна киһи аймах дьылҕатыгар нумерология уонна чыыһыла бэлиэтэ” ыстатыйатыгар сыыппаралары маннык быһаарар: “1 – куосумаһы, куйаары, сири-халлааны кытта ситимнээх. Пифагор саҕаттан монада диэн ааттанар уонна муударас бэлиэтинэн биллэр. Оттон 3 сыыппара – аан дойду тылыгар саамай дьоллоох сыыппара диэн этэллэр. 6 – үс алта хрис­тианствоҕа абааһы сыыппарата, аан дойду култууратыгар – холбоһуу, тэҥнэһии, Пифагор систиэмэтинэн – ситиһии, дьол бэлиэтэ” диэн суруллар. Биллэн турар, тыл үөрэхтээҕэ болҕомтотун нумеролог быһыытынан буолбакка, тыл суолтатыгар уурбута чуолкай. Ити курдук, хас биирдии сыыппара үчүгэй да, куһаҕан даҕаны өрүттэрин булан көрүөххэ сөп.

Сахаларга

Ханнык баҕарар омук сыыппараҕа көстүбэт күүс баар диэн өйдүүр. Сахаларга үөһэттэн айдарыылаах сыыппаралар бааллара биллэр. Этитиилээх, аптаах чыыһылалар сахаларга 3, 7, 9 буолар диэн итэҕэ­йэллэрэ уонна сүгүрүйэллэрэ. Туох эмэ ахсаана бу сүгүрү­йэр чыыһылаттан ордуо суохтаах дииллэр эбит. Маны үс кутунан (ийэ, буор, салгын), үс дойдунан, үс халлаанынан холобурдуохха сөп.

Сэттэ сыыппара туһунан өбүгэлэрбит дьолу аҕалар, үтүөнү оҥорор, араҥаччылыыр диэн өйдөбүллээхтэрэ. Атын омуктарга 7 сыыппара эмиэ үтүөнү түстүүр бэлиэлээх.

Тоҕус – үөһэттэн айдарыылаах ытык сыыппара, сахалар улаханнык сүгүрүйэллэрэ биллэр. Мээнэ дьоҥҥо бэриллибэт, дэҥ кэриэтэ сыстар диэн этэллэр. “Бэрт былыр өссө тоҕустуунан ааҕа сылдьыбыт курдукпут, ити билигин уоннуунан ааҕарбыт курдук. Ритуальнай аналлаах чороон хайаан да 7 эбэтэр 9 курдуу ойуулаах оҥоһуллар. Онон “тоҕус томтордоох чо­­роон иһит” диэн тыл дэгэтигэр эрэ этиллэр буолбакка, ри­­туальнай-мифологическай суол­талааҕа арыллар.

Ойуун ытык маһын үрдүкү 9-с мутугар дууһата иити­йиэхтэммит буоллаҕына, улахан ойуун үөскүүр. Кини ха­­йаатар да дүҥүрэ 9 мутук­таах (хоҥсоордоох), онон 9-с хал­лааҥҥа тиийэ кыырыахтаах, ол сырыытыгар тоҕус кэрдиилээх (олохтоох) буолуохтаах. Үрүҥ Аар тойон уонна үгүс айыылар тохсус халлааҥҥа олороллор диэн өйдөбүл биһиги өбүгэлэрбитигэр баара. Дьэ онно тии­йиэхтээх эбээт ол 9 хоҥсоордоох дүҥүрдээх ойуун. Оттон орто ойуун буоллаҕына, ити ыйаллар суолларга барыта кээмэйэ 7 чыыһыла буолар.

Былыргы сахалар элбэх оҕолоноллоро. Олортон 3-с, 7-с, 9-с уонна 12-с оҕолорун “оһуобай” оҕонон ааҕаллара”, – диэн “Саха төрүт култуурата” кинигэҕэ суруллар. Итинэн сирдэттэххэ, 9 сыыппара чахчы дэҥ кэриэтэ бэриллэр эбит. Манна даҕатан эттэххэ, устудьуон дьон эксээмэҥҥэ билиэти тардан ылалларыгар бу сыыппаралары талан этэҥҥэ туттарбыттарын даҕаны холобур­дуохха сөп.

Аны былыргы сахаларга эр киһи төрдө тэҥэ суох чыыһыланы (9, 7), дьахтар төрдө тэҥ чыыһыланы (8, 6) кытта сибээс­тээҕин ыйаллар.

“Дьоло суох” чыыһылалар

Аны нумерология хара­ҕынан көрдөххө, дьон туора туттар, ырааҕынан сылдьар сыыппаралара эмиэ бааллар. Холобур, 13, 666, 999 онтон да атын сыыппаралар. Бэл диэтэр, ити курдук сыыппаралаах балыыһа балааталарыгар, нүөмэрдээх гостиницалар хосторугар хоно, түһэ сатаабаттара иһиллэр. Сорохтор маны дьон сыыһа өйдөбүлтэн абааһы чыыһылалара диэн ааттыылларын ыйаллар. Атыттар, чыыһылалар бэлиэлэрин толкуй­даан таһааралларыгар алҕаһыыр түгэннэр диэн этэллэр.

13 абааһы сыыппаратынан ааҕыллар. Уонна ити күн буол­бут соччото суох устуоруйа түгэннэрин ааттаталыыллар. Сорох норуоттар төттөрүтүн ити күн уруу тэрийэ сатыыллар эбит.

6 – эппиэтинэс, тэҥнэбил чыыһылата. 66 – дьиэҕэ-уокка, дьиэтээҕи хаһаайыстыбаҕа болҕомто уурары ыйар. Онон 666 дьиэҕэ, тус олоххо тэҥнэбил ирдэнэрин көрдөрөр дииллэр.

Бу сыыппаралар олоххутугар сотору-сотору көстөр да буоллахтарына куттанымаҥ, куһаҕаны эрэ толкуйдуу, кэтэһэ сылдьымаҥ дииллэр. Үрдүкү араҥаччылыыр күүстэр эһиэ­хэ куһаҕаны баҕарбаттар, төттөрүтүн ис санааҕытын иһиллэнэн, бэйэҕитин истэ үөрэниҥ диэн этэллэрин чопчулууллар. Ол эбэтэр дьол, табыллыы түстүүрүн туһугар олоххутугар тугу эрэ уларытар ирдэнэрин сэрэтэллэрин көрдөрөллөр.

Аны бу сыыппаралар хас биирдии киһиэхэ араас­таан үлэлииллэр эбит. Ким эрэ куһаҕан сыыппара быһыытынан ылынан ырааҕынан сылдьар эбит буоллаҕына, атын киһиэхэ төттөрүтүн ымыы буолан араҥаччылыан сөбүн бы­­һаараллар.

Аныгы олоххо

Кытайдар төрөөбүт күнүнэн, сылын, чааһын сыыппараларынан  “Бацзы” ааҕар-суоттуур ньыманы хото туһаналлар. Кэлин Саха сиригэр эмиэ нумерологтар элбээтилэр. Удамыр төлөбүр иһин инникини өтө көрөр ис хоһоонноох сүбэлэри биэрэллэр. Төрөөбүт күнүнэн, ыйынан, сылынан, чааһынан, аатынан-суолунан киһи бэйэтин сыыппаратын быһаараллар. Оннооҕор эрдии-ойохтуу дьон төһө тапсалларын-тапсыбаттарын, хаһан оҕолоноллоро ордугун кытта этэллэр. Бэйэҕит сыыппараҕытын таһаартаран кумааһынньыккытыгар сурунан укта сылдьан, баайы-дуолу тардыҥ дииллэр.

Итэҕэйэр дьон чахчы көмөлөһөр, олохпут тубуста диэн этэллэр. Уйулҕа үлэһиттэрэ маны, арааһа, бэйэҕэ эрэбил күүһүрбүтүнэн, киһи бэйэтэ хамсаммытыттан ситиһии кэлэр диэн быһаарыахтара буолуо.

Онон чопчу бу сыыппара соччото суох эбит диэн түмүк таһаарар сыыһа буолуо. Сыыппаранан анаан дьарыктанар дьон хас биирдии киһи бэйэтэ сыыппаралаах, ону таба тайанан сирдэтинэр ордугун ыйаллар. Сыыппара хаһан даҕаны бүппэт дииллэр. Ол кэриэтэ олох эмиэ салҕана турар. “Санаа туолар үгэс­тээх” дииллэрин умнумуоҕуҥ. Хайдах баҕарар эридьиэстээн, эргитэн олохтон үчүгэйин эрэ булан ылыаҕыҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

«Саха сирин амтана» бэстибээли Марий Эл асчыттара астылар

Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…

1 час ago
  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: Аллайыахалар хараҥаҕа мэһэйдэппэттэр

Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…

2 часа ago
  • Сонуннар

Суоттуга үлэһит үөрэнээччилэри чиэстээтилэр

Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тимофей Сметанин стелатыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Мас олортум, уол оҕону улаатыннардым, дьиэ туттум…»

 Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Арктика» айан суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…

3 часа ago