Мэҥэ Хаҥалас Табаҕа орто оскуолатын 1981 с. бүтэрбиттэр 2021 с. күһүн, араас сылларга оскуоланы бүтэрбит выпускниктарга ыҥырыы таһааран турабыт. Уонна Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсө “Оскуоланы бүтэрээччилэр аллеяларын” көҕөрдүү үлэтин 2021 с. күһүн саҕалаабыппыт.
«Алааска эн мас үүннэрэн хааллардаххына —
Хас саас аайы сэбирдэх буолан тыллыаҥ,
Күнүҥ сирин таптаан ыллаабыт буоллаххына —
Күн аайы, күнү кытта эн тиллиэҥ!»
С.Данилов.
Төрөөбүт-үөскээбит дойдубут өрүү күөх, кэрэ көстүүлээх буоларын туһугар өрөспүүбүлүкэбит устуоруйатыгар умнуллубат биир улахан үбүлүөҋдээх сылын бэлиэтиир санаабытын Дьокуускай куоракка биир көрсүһүүбүтүгэр ылыммыппыт. Хамсык саҕана куораттан атыылаһан бузина, акация, долохуна, хатыҥ, харыйа, бэс, титирик – барыта сүүрбэттэн тахса маһы бииргэ үөрэммит оҕолорбут олордубуттара. Мастарбыт туруктарын, биһиги кылаас көҕөрдүүтүн, үлэ хаамыытын барытын бассаабынан билиһиннэрэ тураллара. Ол курдук мастарбытын эбии аһатан, ыалдьыбыты эмтээн, биэбэйдээн көрөр-истэр доҕотторбутун мэлдьи сөҕө-махтайа кэпсиибин. Саамай үлэлээҕэ – уу кутуута. Бу сайын тахса сылдьан көрөммүн, урукку кэми санаатым. Доҕотторум барахсаттар биэдэрэнэн бэйэ-бэйэлэригэр бэрсэн, бөтүөҥҥэ уу баһан аҕалан үөрэ-көтө биэдэрэнэн таһаллара оҕо сааспытын санаттар даҕаны, сайыны быһа, үлэлээх эбит.
Үтүө дьыалаҕа тыыннаах холобур буолаллар доҕотторум – Табаҕа орто оскуолатын 1981 с. бүтэрбит оҕолоро! 2021 с. бастакы кылааска киирэр кырачааннарга кылааспыт аатыттан барыларыгар бэлэх туттарбыппыт, көхтөөх, иллээх улааталларыгар баҕа санаабытын тиэрдибиппит. Ити тэрээһиммит ыҥырыыбытын ситэрэн-хоторон биэрбитэ. Маны барытын тэрийэр, куораттан тахсан бэрийсэр Дуня Егорова-Борисова, Даша Попова, Миша Ершов, Гена Семенов уонна Табаҕаҕа Надя Бурнашева, Лиза Васильева, Павлик Слепцов, Слава Романов курдук эрэллээх доҕотторбутунан киэн туттуохпутун туттабыт.
Ыһыахтыыр сирбитигэр алгыс ыла кэлбит эрэ барыта өбүгэ утумун кукка-сүргэ иҥэринэр, айылҕабыт дьикти эйгэтигэр угуттанар сирдэринэн буоларыгар бүк эрэллээхпит. Бу – дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбит дьоммут-сэргэбит, хаан-уруу аймах дьоммутугар махтал, сүгүрүҋүүбүт, тапталбыт бэлиэтин олоххо киллэрэрбитигэр олохтоох дьаһалта эмиэ өйөөбүтүттэн үөрэбит, махтанабыт.
Бу күһүн, биhиги ыҥырыыбытын өйөөн, оскуоланы 1982 с. бүтэрбиттэр 30 маһы олордубуттара. Ити курдук ыҥырыыбытын өҋүүллэриттэн үөрэбит, салҕанан бара туруо, 100 маска тиийиэ диэн эрэлбит улахан!
Ирина Харайданова,
Томпо, Кириэс Халдьаайы.
Хаартыскаларга: «Мастарбытын көрөбүт-истэбит». Ааптар тиксэриитэ.
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…
2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…
Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра” 1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…
Билим чинчийиитинэн дьарыктанар үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар дакылааттарын бүгүн, Саха сирин уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Егор Борисов…
Украинаны НАТОҕа ылалларын этинэллэр эрээри, Трамп дьоно ылымматтар быһылаах.