Сүүстэн тахса киһи түөрт сиргэ ойуур баһаарын умуруорууга үлэлииллэр

Бэс ыйын 27 күнүн сарсыардатыгар Саха сиригэр 195 гектар уопсай иэннээх түөрт ойуур баһаарын умуруора сылдьаллар.
Бу туһунан экология, айылҕаны туһаныыга, ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистир солбуйааччы Андрей Коноплев кэпсээтэ диэн Ил Дархан, бырабыыталыстба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
24 гектар сири хабан икки баһаар Дьааҥы улууһугар умайар, өссө биир умайыы Нерюнгри оройуонугар 1 гектар иэннээх сиргэ бэлиэтэннэ, ону таһынан Өлүөхүмэ улууһугар 170 гектар иэннээх сиргэ баһаар баар.
Баһаардары умуруорарга 114 киһи, 3 тиэхиньикэ үлэлии сылдьаллар, бу сүрүннээн ойуур баһаарын умуруорар холбоһуктар.
Былырыын баччатааҕы кэми кытта тэҥнээн көрдөххө, 619 984 га иэннээх сиргэ 176 ойуур баһаара баара.
Ойуурга уоттан сэрэхтээх буолуу сезона саҕаланыаҕыттан 60 897,65 уопсай иэннээх 333 айылҕа баһаара, ол иһигэр 54 420,65 га иэннээх ойуур пуондатын сиригэр турбут 148 ойуур баһаара суох оҥоһуллубут. Суһаллык умуруоруу 70 % -ны ылар.
“Ойуурга уот турбутун биллигит да түргэнник Эрэгийиэннээҕи диспетчерскэй сулууспаҕа биллэрэ охсуҥ. Төл.: 74112-44-74-76 уонна ойуур харыстабылын уопсай нүөмэригэр: 8-800-100-94-00”, — диэтэ Андрей Коноплев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: