Хаартыска: SakhaGov
Бэс ыйын 27 күнүн сарсыардатыгар Саха сиригэр 195 гектар уопсай иэннээх түөрт ойуур баһаарын умуруора сылдьаллар.
Бу туһунан экология, айылҕаны туһаныыга, ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистир солбуйааччы Андрей Коноплев кэпсээтэ диэн Ил Дархан, бырабыыталыстба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
24 гектар сири хабан икки баһаар Дьааҥы улууһугар умайар, өссө биир умайыы Нерюнгри оройуонугар 1 гектар иэннээх сиргэ бэлиэтэннэ, ону таһынан Өлүөхүмэ улууһугар 170 гектар иэннээх сиргэ баһаар баар.
Баһаардары умуруорарга 114 киһи, 3 тиэхиньикэ үлэлии сылдьаллар, бу сүрүннээн ойуур баһаарын умуруорар холбоһуктар.
Былырыын баччатааҕы кэми кытта тэҥнээн көрдөххө, 619 984 га иэннээх сиргэ 176 ойуур баһаара баара.
Ойуурга уоттан сэрэхтээх буолуу сезона саҕаланыаҕыттан 60 897,65 уопсай иэннээх 333 айылҕа баһаара, ол иһигэр 54 420,65 га иэннээх ойуур пуондатын сиригэр турбут 148 ойуур баһаара суох оҥоһуллубут. Суһаллык умуруоруу 70 % -ны ылар.
“Ойуурга уот турбутун биллигит да түргэнник Эрэгийиэннээҕи диспетчерскэй сулууспаҕа биллэрэ охсуҥ. Төл.: 74112-44-74-76 уонна ойуур харыстабылын уопсай нүөмэригэр: 8-800-100-94-00”, — диэтэ Андрей Коноплев.
Ааспыт нэдиэлэ устата Саха сиринээҕи Росгвардия харабылын үлэһиттэрэ харабылланар эбийиэктэртэн киирбит 128 «Аймалҕан» бэлиэҕэ үлэлээн,…
Саха норуодунай суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Духуобунаска акадыамыйатын акадыамыга Василий…
Арҕаа дойдулар 2026 сылга буолуохтаах Госдуума быыбарыгар дьайар сыаллаах саҥа стратегияны оҥоро сылдьаллар диэн Госдуума…
Саха араадьыйатын 95 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээс салаатын үлэһиттэрин уонна бэтэрээннэрин чиэстээтилэр. Бу туһунан ЯСИА суруйар.…
Арассыыйа Уһук Илин уонна Арктика сайдыытыгар миниистирэ Алексей Чекунков билигин Москваҕа буола турар Уһук Илиҥҥи…
Кыһыммыт саҕаланыан иннинэ Мэҥэ Алдан нэһилиэгэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр үгэс быһыытынан муус бэлэмнээтилэр.…