Сыл саҕаланыаҕыттан 1500-тэн тахса ыал ийэ хапытаалын харчытын оҕотун үөрэттэриигэ ыыппыт

Share

Тустаах сыалга анаан ыытыллыбыт харчы уопсай суумата 99,5 мөл. солк. тахса суумаҕа тэҥнэһэр. Бу туһунан алтынньы 29 күнүгэр СӨ Cоциальнай пуондатын салаатын управляющайа Марина Герман иһитиннэрдэ.

“Ийэ хапытаалын харчытын хаһан төрөөбүттэриттэн эбэтэр иитэ ылыллыбыттарыттан тутулуга суох төрөппүт да, иитэ ылбыт даҕаны оҕоҕо туһаныахха сөп. Оҕо үөрэҕин саҕалыырыгар 25 сааһын туола илик буолуохтаах. Ийэ хапытаалын үөрэх өҥөтүгэр туһанар туһугар оҕо үс сааһын туолбут буолуохтаах. Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһиҥҥэ оҕо төрөөбүтүн кэннэ туһаныахха сөп”? – диэн Марина Герман быһаарар.

Хаартыска: www.sakha.gov.ru

Ийэ хапытаалын көмөтүнэн төрөппүттэр уһуйаан, оскуола, кэллиэс, университет, 16 сааһыттан суоппар кууруһугар үөрэниилэригэр, куруһуоктары, дьарыктары, успуорт секцияларын, уус-уран, муусука, успуорт оскуолаларын, ону тэҥэ, устудьуон уопсайга толорор төлөбүрүн төлүөхтэрин сөп диэн  бэлиэтииллэр.

Марина Герман иһитиннэрбитинэн, СӨ Cоциальнай пуонда салаата 12 үрдүк, 38 орто үөрэҕи, үөрэх өҥөтүн оҥорор урбаанньыттары ааҕан туран 655 уһуйааны кытта сөбүлэҥ түһэрсибит. Ийэ хапытаалын харчытын оҕону үөрэтиигэ туһанар туһугар төрөппүт туһааннаах сайабылыанньаны биэриэхтээх. Сайабылыанньаны хас да көрүҥүнэн биэриэххэ сөп: Судаарыстыбаннай өҥө порталынан (Госуслуги), МФЦ эбэтэр социальнай пуонда салаатын чугастааҕы сулууспатыгар. Харчы ийэ хапытаалыттан үбү туһанарга сөбүлэҥ бэриллибитин кэннэ биэс үлэ күнүн иһинэн киирэр.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Оҕолор нэһилиэктэрин сонунун куйаар ситимигэр таһаардылар

Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…

16 минут ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Рекомендуем
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Русскай Устье туһунан документальнай киинэ уһулунна

Сэтинньи 22 күнүгэр Индигир өрүс төрдүгэр былыр-былыргыттан олохсуйан олорор Русскай Устье, Походскай сэлиэнньэлэр олохтоохторун устуоруйаларыгар,…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ бастыҥ

2019 сылтан Уһук Илин уокуругар «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак үлэлиир. Бу кэм устата…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Биэнсийэлээх оҕону иитэригэр эбии төлөбүр көрүллэр

Саха сиригэр 27 440 төрөппүт оҕолорун иитэллэригэр үрдэтиллибит биэнсийэни ылаллар диэн Социальнай пуонда Саха сиринээҕи…

1 час ago
  • Сонуннар

Сабина Кушевская: «Биир кэлим мэхэньиисими оҥоруохпут диэн эрэнэбит»

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…

1 час ago
  • Сонуннар

Оҕо атаҕастабылын эрдэттэн бохсуохха!

Бу күннэргэ Дьокуускайга  уйулҕа үлэһиттэрин V пуорумнара буола турар. Үс сиэксийэнэн арахсан, өрөспүүбүлүкэ тутаах тэрилтэлэрин…

1 час ago