Таатта улууһун биир нэһилиэгин баһылыга түөкүттэр угаайыларынан 350 тыһ. солк. сүтэрдэ

Share

Саха сирин полициятын дьуһуурунай чааһыгар суукка устата түөрт киһи түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбиттэрин туһунан сайабылыанньа суруйбуттар. Хара дьайыыттан эмсэҕэлээччилэр ортолоругар Таатта оройуонун биир нэһилиэгин баһылыга баар.

Саха сиринээҕи ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, нэһилиэк баһылыга ОДьКХ эйгэтин дуоһунастаах бэрэстэбиитэлин кытта суруйсан баран 350 тыһыынча солкуобайын сүтэрбит. Полицияҕа бүддьүөт үбүн-харчытын буолбакка, тус харчытын сүтэрбитин туһунан  чуолкайданна.

Ону тэҥэ Дьокуускайга 67 саастаах биэнсийэлээх дьахтар ФСБ сымыйа үлэһиттэригэр 1,4 мөл. солк. тахса сууманы  ыыппыт, оттон тэрилтэ 56 саастаах дириэктэрэ Энергосбыт үлэһиттэригэр 450 тыһыынча солкуобайы албыннаппыт.

Нам оройуонугар 68 саастаах биэнсийэлээх дьахтарга мобильнай сибээс оператора эрийбит, онон дьахтар сим-каартатын болдьоҕун уһатаары  185 тыһыынча солкуобайын сүтэрбит. Дьиҥэр, сим-каартатын болдьоҕо суох үлэлиир.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
2
+1
1
+1
2
+1
9
+1
5
+1
2

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мииринэйгэ баан счетуттан харчы уоруутун дьыалата арылынна

Саха сиринээҕи ИДЬМ сулууспатын Мииринэй оройуонун отделыгар Мииринэй куорат олохтооҕуттан баан каартатыттан 19 000 солк.…

20 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот тыйаатыра 60 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ

Бу сылга РСФСР уонна САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, норуот тыйаатырын дириэктэринэн үлэлээбит Иван Спиридонович Семенов…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Сунтаар улууһугар ойбоҥҥо урут сүппүт киһи өлүгэ булулунна

Сунтаар улууһугар  тохсунньу саҥатыгар сүппүт киһи өлүгэ көһүннэ. Эр киһи өлүгүн уу аннынан устар камеранан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. «Уот Дьулустаан» уус-уран саҥа сериалы көрүөхпүт

«Саха» НКИХ ханаалыгар бу сыл тохсунньу 27 күнүттэн Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар тыйаатырын артыыстара кыттыылаах…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Дьокуускайга «Поднимаем России знамя» фашизмы утарар пуорум буолан ааста

Бэҕэһээ Арассыыйа Дьоруойа Александр Колесов, аатырбыт снайпер, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков уола уонна сиэнэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Матаһыыкылга уонна таһаҕас тиэйэр тырааныспарга ОСАГО сыаната уларыйар

Киин баан 2024 сыл сэтинньи 22 күнүнээҕи 6949№-дээх бирикээскэ уларыйыы киллэрбитин таһаарда. Докумуон ааспыт сыл…

2 часа ago