Таабырыннаах тохсунньу билгэтэ….
Тохсунньу 1 күнүттэн күн 10 мүнүүтэ уһуур. Сыл бастакы ыйын норуот синоптига Тускул маннык анаарда.
Тохсунньу 7 күнэ – Ороһуоспа. Ороһуоспа тымныыта түһэр. Бу күн былытырдаҕына, сис былыт тохсунньу 14-гэр диэри туруоҕа, былытырбатаҕына – тымныы сэтэриир. Сылыйдаҕына – сааһа тымныы, хаардаатаҕына – сайына өҥ буолар. Күн 30 мүнүүтэ уһуур. Киэһэ халлааҥҥа сулус аҕыйах буоллаҕына, отон аанньа үүммэт.
Тохсунньу 9 күнэ — Ый уонна Үргэл алтыһыыта буолар. Былыргы сахалар бу түгэни анаан кэтээн көрөөччүлэр. Үчүгэй дьыл буоларыгар алтынньы 14, сэтинньи 12, ахсынньы 11, тохсунньу 9, олунньу 7, кулун тутар 4, ыам ыйын 1 күннэригэр алтыһар. Оттон кураан дьыл кэлэригэр хойутаан алтыһар.
Тохсунньу 12 күнэ – сүллүүкүннэр тахсаллар. Маҥнай хамначчыттара тахсан, абааһыта суох өтөхсүйбүт дьиэлэри оттон ититэллэр.
Тохсунньу 14 күнэ – Баһылайап (Эргэ саҥа сыл). Бу күн ханнык кэмҥэ былытырбытынан дьаҥ-дьаһах хаһан буоларын быһаараллар.
Тохсунньу 19 күнэ – Кириһиэнньэ. Кириһиэнньэ тымныыта түһэр. Бу күн күннээх уонна тымныы буоллаҕына – сайына кураан. Сарсыарда «сүллүүкүннэр төттөрү киирэллэр» диэн, ыаллар эрдэ туран сүөһү уулатар ойбоннорун тэһэн, сүүрдэн кэбиһэллэрэ. Күн 1 чаас 17 мүнүүтэ уһуур.
Тохсунньу 20 күнэ – былыр Таҥара күлүгүн сууйаллара уонна сибэтиэй уутунан дьиэлэрин, хотоннорун, сүөһүлэрин ыраастыыллара, арчылыыллара.
Тохсунньу 31 күнэ – Бастакы Охонооһойоп. Эһэ арҕаҕар сытан, иккис өттүгэр эргийэр, ытыһын биирдэ саланар. Дьыл оҕуһун муоһа мүлүрүйэр. Күн 2 чаас 19 мүнүүтэ уһуур.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: