Тааһаҕар үөрэнээччилэрэ «Араҕас күн» аахсыйаҕа кытыннылар

Share

Саха сиригэр сыл аайы «Психологическай доруобуйа ыйа» ыытыллар, быйыл кулун тутар 15 муус устар 15 күнүгэр диэри бу ыйга сыһыаран оскуолаларга араас тэрээһиннэр, аахсыйалар  былааннаналлар.

Бу күннэргэ «Психологическай доруобуйа ыйа» былаан чэрчитинэн Бүлүү улууһун Тааһаҕар орто оскуолатыгар «Араҕас күн» диэн ааттаах тэрээһин-аахсыйа ыытылынна.  Оскуола үөрэнээччилэрэ уонна учууталлара бары араҕас таҥас кэтэн кэлэн Даун синдромнаах дьон күннэригэр сөп түбэһиннэрэн аахсыйаҕа кыттыстылар.

Тэрээһин сыалынан-соругунан — даун синдромнаах дьону доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон курдук буолбакка, кинилэри хайдах баалларынан ылыныахха наада диэн үүнэн иһэр көлүөнэҕэ өйдөтүү буолар.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Нерюнгри оройуонугар суол саахалыгар суоппар эчэйбит

Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Уус Алдан улууһугар бөрө үөрэ сылгыларга кутталы суоһууллар

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

16 часов ago