Таайтарыылаах Таҥха Хаан ыйыгар

Share

Саха дьоно былыргыттан күнү-дьылы билгэлээн, халлаан туругунан сирдэтинэн олороллор. Эһиилги дьыл өҥүн, кураанын эндэппэккэ быһаараллара. Ол кинилэр айылҕаны кэтээн көрөр ураты дьоҕурдара буолар. Бит-билгэ киһи айылҕаны кытта ыкса ситимнээҕин кэрэһилиир. Тохсунньу 7 күнүттэн 19 күнүгэр диэри кэм Таҥха ыйынан ааҕыллар. Кэлэр кэми кэрэһилээн, билгэлээн көрөр ураты кэм.

Бу кэмҥэ Ороһуоспа түүн ойбонтон  оһох оттооччу сүллүүкүттэр, оттон 13-с түүн оҕолоро-уруулара, кэргэттэрэ тахсаллар. Былыргы итэҕэлинэн, кинилэр куул муҥунан харчылаах буолаллар. Эргэ өтөхтөргө, быраҕыллыбыт дьиэлэргэ олохсуйаллар. Ол олорон хаартылыыллар уонна дьон дьылҕатын түстүүллэр. Өбүгэ итэҕэлинэн, тахсыбыт кэмнэригэр сууйуллубут таҥаһы-сабы таһырдьа хаалларар сатаммат. Таҥас нөҥүө киһи кутун илдьэ барыахтарын сөп.

Сылгы туйаҕа дуу, хоруоп дуу…

Таҥха ыйын таайтарыылаах кэмигэр ис туругу иһиллэнии, инникини билгэлэнии чараас эйгэни кытта ситимнээх. Былыр, тэлэбиисэр, интэриниэт, социальнай ситим суох кэмигэр, дьон айылҕаны уонна тулалыыр эйгэни кытта ыкса ситимнээхтэрэ. Билбиттэрэ билгэ, таайбыттара таҥха буолара. Ол кинилэр күнү-дьылы эрэ буолбакка, тус дьылҕаларын эмиэ билэллэрэ. Онуоха түөрэх быраҕыы диэн билгэлэнии үгүстүк үөдүйэ сылдьыбыта. Үтүлүгү, бэргэһэни, ньуосканы о.д.а. малы-салы үөһэ быраҕаллара. Ити мал-сал умса эбэтэр олоро түһэринэн инникини билэллэрэ. Хаары сиидэлээһин эмиэ киэҥник тарҕаммыт билгэ буолар. Киэһэ уту­йуох иннинэ сэргэ тула хаары сиидэлээн куталлар. Сарсыарда ити хаарга туох суол-иис хаалбытынан инникини быһаараллара. Сиидэлэммит хаарга кулунчук, сылгы туйаҕын суола хааллаҕына, билгэлээбит киһи байар, оҕо атаҕын суола – саҥа киһи кэлэригэр, киһи уҥуоҕа эбэтэр хоруоп ойууламмыт буол­лаҕына, киһи өлөрүгэр дииллэрэ.

Остуол атаҕа тостубута

Саамай киэҥник биллибит билгэнэн бүлүүһэ, ос­­­туол сүүрдүүтэ буолар. Бүлүүһэ да остуол да мээнэҕэ сүүрбэт эбит. Атын эйгэттэн кэлэн тэҥҥэ сүүрсэр баар буоллаҕына, остуол атаҕын тосту түһүөр диэри сүүрэн дьиэлээхтэри куттуур эбит. Бу туһунан миэхэ эбээм кэпсээбиттээҕэ. Оҕо эрдэҕинэ, ыаллыы алааска таҥха кэмигэр үс атахтаах остуолу  сүүрдүбүттэр. Онуоха остуоллара сүүрэ сылдьан үһүс атаҕын тосту түспүт уонна салгыы икки атаҕынан сүүрбүт. Дьиэлээх киһи куттанан сүүрэн иһэр остуолу тохтотоору күөйэ туппут. Остуол кэлэн эр киһи иннигэр умса түспүт. «Дьэ, ити кэннэ ол ыал имири эстибитэ», – диэн эбээм кэпсээнин куттана истибиппин умнубаппын. Устудьуоннуур сылларбар уопсайга оҕолор мустан бүлүүһэ, ардыгар инньэ сүүрдэн үөрэхтэрин, инники олохторун сураһаллара. Таҥха кэмигэр үөрэҕи ыйытар куһаҕанын элбэхтик кэпсииллэрэ. Ол кэриэтин ким хаһан ыал буоларын, хас оҕолонорун туһунан бүлүүһэ эндэппэккэ кэпсиирэ үһү.

Түүллээх түүн

Таҥха кэмигэр түһээбит түүлүҥ илэ буолар диэччилэр. Биһиги, сахалар, түүлү, бити-билгэни олус сэргиибит уонна бу таайыллыбат кистэлэҥи ытыктыыбыт. Оҕо эрдэхпинэ ийэлээх аҕам түүллэрин ырытыһар, кэпсэтиһэр буолаллара. Ордук аҕам түүллэрэ дириҥ ис хоһоонноох, туох эрэ суолталаах буолаллара. Оччотооҕу тыа сирин ыала бары даҕаны түһээн тугу көрбүттэрин кэпсэтиһэр, тойон­ноһор үтүө үгэстээхтэрэ. Бу биһиги, саха омук, ураты айылгыбытын туоһулуур дии саныыбын. Түүл иккис олох кэриэтэ. Былыр-былыргыттан араас омуктарга түүлгэ улахан суолтаны уураллара. Түүлү тойоннуур дьон баар буолаллара. Ол курдук биһиги мындыр өбүгэлэрбит улахан болҕомтону ууран, иччилээх түүл, былыт түүлэ, суолтата суох күннээҕи түүл диэн араараллара. Түһээн баттатар киһи үрдүгэр от илии, от атах киһи үҥкүүлүүр диэн эбээм кэпсээбитин умнубаппын. Ол киһи түүлүгэр киирэн түлэкэдитэр дьиктитин таайа сатыырым. «Бит-билгэ» түүлдьүт кинигэ ааптара, устуоруйа билимин дуоктара, археологияҕа дьоһуннаах үлэлэрдээх Розалия Иннокентьевна Бравина түүлү тойоннооһун кистэлэҥин уонна таҥха туһунан маннык этэн турардаах:

«Учуонайдар суоттаабыттарынан, киһи олорбут олоҕун үс гыммыт биирин утуйар эбит. Дьэ ол аата, ортотунан ыллахха, 70  сыл олорбут киһи 25  сылын утуйан барыыр эбит. Дьэ, ол иһин түүл иккис олох диэн ааттыыллар. Түүл өлүүгэ тэҥнээх. Түүллээх-биттээх дьон өлбүт дьон дойдутугар тахса сылдьаллар. Онон түүллээх киһи түүлүн дьоҥҥо тиэрдэн, ойуун тэҥэ, атын эйгэ тылбаасчыта буолар эбит. Иччилээх түүлү айылҕаттан айдарыылаахтар түһүүллэр. Ол курдук,  ойуун-­удаҕан түүлэ дириҥ ис хоһоон­ноох, ис номох­тоох буолар эбит. Иччилээх түүл диэн этитэр түүлү ааттыахха сөп. Оттон күннээҕи түүл умнуллан хаалар, улахан суол­тата суох. Мээнэ ыһа-тоҕо кэп­сиир сатамньыта суох. Ким эмит сыыһа тойонноон, атын хайысхаланыан эмиэ сөп. Өбүгэлэрбит куһаҕаны түһээтэхтэринэ, ааны тэлэйэ аһан баран «киирбиккэ-тахсыбыкка биэр»  дииллэрэ. Куһаҕаны түһээтэххэ, ону санаа аалыыта оҥосто сылдьыбакка, чэпчэкитик ылыныы эмиэ суолталаах. Наһаа элбэҕи түһээн баттатар, түлээгирэр дьон сыттыктарын анныгар кыыннаах быһаҕы уктан утуйаллар. Манан ситимнээн эттэххэ, тойоннооһун болҕомтону уонна айымньы­лаах сыһыаны эрэйэр.

Оттон таҥха оонньуулара нуучча сүллүүкүттэриттэн тахсыбыт буолуон сөп. А.Е.Кулаковскай таҥханы сахалары сэргэхситэр оонньуулар диэн суруйан турардаах. Бу оонньуулар киһи бэйэтин дьылҕатын билэ сатыырыгар туһуланар. Таҥханы сэргиир омнуота суох, оонньуу быһыытынан ылыныахха сөп».

Сиэркилэ кистэлэҥэ

Сиэркилэ атын эйгэни кытта ситимниир. Өбүгэлэрбит киһи өллөҕүнэ сиэркилэни таҥаһынан бүрүйэллэр. Ити эмиэ дириҥ ис хоһоонноох. Таҥха кэмигэр кыргыттар аналлаахтарын көрөөрү,  түүн сиэркилэ иннигэр сэрэбиэйдэнэллэр. Аттыларыгар ханнык даҕаны уһуктаах мал-сал суох буолуохтаах.

Өрдөөҕүтэ, эдэр кыыс дьонуттан кистээн түүн үүт умуһаҕар сэрэбиэйдэнэ киирбит. Сиэркилэ иннигэр олорон аналлааҕын ыҥырбыт. Арай балачча өр олорбутун кэннэ, сиэркилэ түгэҕэр эр киһи моһуона көстүбүт. Оргууй хааман чугаһаан кэлбит уонна кыыска илиитин ууммут. Дьиҥэр, сиэркилэ нөҥүө уол илиитин ууннаҕына, кыыс утары көрүө суохтаах эбит. Онуоха кыысчаан наһаа долгуйбут уонна чахчы аналлааҕым дии са­­наан сиэркилэҕэ баар киһини утары көрбүт. Арай сиэркилэ иһиттэн адаар муостаах абааһы ойон тахсыбыт даҕаны, кыыс кэннигэр муостаҕа сытар сүгэни харбаан ылбыт…

Хомойуох иһин, таҥха ирдэбилин, итэҕэлин тутуспат үгүс. Киһи инники олоҕун тымтыктанан көрө сатыыра туох даҕаны үчүгэйгэ тиэрдибэт…

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
6
+1
1
+1
2

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

9 часов ago