Тохсунньу – Таҥха ыйа. Таҥха бу саха астрологията, киһи оҥоһуутун билгэлиир итэҕэлэ, дьылҕа таҥарата. Таҥха икки өйдөбүллээх: Таҥха иһиллээһин уонна Таҥха түһүүтэ, ол аата оҕо төрөөтөҕүн күн Таҥарата түһэр. Өскөтүн Дьылҕа Хаан киһи төрүүр-өлөр болдьоҕун чопчу аныыр эбит буоллаҕына, Таҥха Хаан киһи бу үөһэттэн ыйыллыбыт муҥутуур үйэтин хайдах быһыылаахтык олоруоҕун ымпыгар-чымпыгар тиийэ быһаарар. Ол иһин, инники дьылҕаларын туоһулаһан, таҥха иһиллииллэр.
Тохсунньу 12-15 күннэригэр Дьокуускай куорат алгыстаах аартыктаах Арчы дьиэтигэр Таҥха таайтарыылаах дьикти киэһэлэрэ бэрт сэргэхтик, тэрээһиннээхтик ыытыллан дьон-сэргэ сэҥээриитин ыллылар.
Киирии аантан сахалыы эйгэ дьон уйулҕатын, кутун-сүрүн тутта. Ол курдук, кэлбит ыалдьыттары Арчы Дьиэтин иһинэн үлэлиир фольклор кэлэктииптэрэ: «Күн Дьоно» (сал.Павлова Е.И.) уонна “Өбүгэ ситимэ» (сал. Сивцева Н.П.) буруо таһааран, дэйбииринэн ыраастаан итиэннэ алгыстаах алаадьыннан күндүлээн көрүстүлэр.
Былыр-былыргаттан өбүгэбит сиэринэн, билгэлэнэн баран ыраастаныы, арчыланыы сиэрэ-туома ыытыллар. Ол сиэринэн, «Алгыс» саалыгар Ытык алгысчыт, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үтүөлээх артыыһа Афанасий Семенович Федоров уонна киһи ис туругун чөллөнүүтүгэр, этин сиинин чэбдигирдэригэр дьылҕатын салайынарыгар туһуланар «Тирэх» үөрэх сүрүннээччилэрэ, алгысчыттар Сыдьаайа, Байдам Филипповтар ыыттылар.
“Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинин дириэктэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Андреева Лариса Константиновна Таҥха Хаан сүрүн өйдөбүлүн туһунан итиэннэ таҥха киэһэтигэр үлэлэлэһэр ытык-мааны дьону бар дьоҥҥо билиһиннэрдэ. Бу күн уопсайа айылҕаттан айдарыылаах 17 киһи кэлэн үлэлээтэ. Ол курдук, таайтарыылаах Таҥха киэһэлэрин билгэһиттэрэ: Ытык Алгысчыт А.С.Федоров, алгысчыттар Сыдьаайа, Байдам Филипповтар, көрбүөччү, норуот эмчитэ, түүлү түстээччи, арчыһыт Юлия Николаева-Намылҕа, уйулҕаһыт, арчыһыт Анисья Старостина-Сайыы Кута, көрбүөччү, уйулҕаһыт Татьяна Захарова-Татыйык, көрбүөччү Анисья Левина, көрбүөччү Максим Дуранов, арчыһыт, хомуһунан эмтиир Альбина Саввинова-Кыталыына, хомуһунан алгыстыыр Любовь Евдокимова-Тапталаана, төрүччүнү кытта ситимниир, арчыһыт Эдуард Иванов-Чохууру Даҕаан, көрбүөччү, түүлдьүт Афанасий Павлов-Күндүмэн, кумааҕыны кырыйан алгыһы түһэрэр Тайаана, эмчит, хаартынан билгэлиир Кыһыл кыыс Санаара, көрбүөччү, уйулҕаһыт, арчыһыт Баайахсаана, эзотерик, комплементарнай мэдиссиинэ психолога, өрүс таастарынан, таро хаартынан көрөн билгэлиир Сэйгэ, арчыһыт, энергетиканы бөҕөргөтөр Сылык уо.д.а үлэлээтилэр.
Бары билэрбит курдук Таҥха күннэригэр, биһиги өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан түөрэх кээһэн билгэ бөҕөтүн билгэлэнэллэр этэ. Ол үгэспинэн, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ устудьуоннарын тэҥэ «Арчы Дьиэтин” үлэһиттэрэ таҥха таайтарыылаах оонньууларын оонньоттулар, дьон инникитин сылыктаан, билгэлээн көрдүлэр.
«Билиҥҥи кэмҥэ Сахабыт дьоно-сэргэтэ олоххо буолар кыһалҕаларын ону тэҥэ инникилэрин билгэлэтиэн баҕа санаалара күүһүрбүтүн бэлиэтии көрдүм. Өссө даҕаны ыраастанар, кири-хоҕу сүтэрэн олоххо дьоһуннук сананар, итэҕэлгэ чугаһыыр баҕа санааларын биһирии көрдүм. Чахчы саха норуота итэҕэллээх уонна бэрээдэктээх буолалларыгар маннык тэрээһиннэр олус суолталаахтара көһүннэ. Онон, кэм-кэрдии саҕырыйан, инникибит сырдык, ыраас буоларыгар хас биирдии киһи кыһаллара бу биһиги норуот быһыытынан сүдү күүспүт, сомоҕолоһуубут төрдө буолар” – диэн “Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинин фольклорга исписэлииһэ Кычкин Петр Петрович санаатын үллэстэр.
«Сыл ахсын тохсунньуга “Арчы Дьиэтигэр” үгэс курдук биир эйгэлээхтэр түмсэн, бар дьоннорун кытта ыксалаһан алтыһар кэмнэрэ буолааччы. Бу кэмҥэ Айылҕа саамай иһийбит таайтарыылаах кэмигэр саха киһитэ эттиин сиинниин арыллар, мунааран да ылар; өйүн-санаатын дьаарыстаныан, айдарыылаахтары кытта көрсөн тоҕоостоох түгэни туһаныан, сүбэлэһиэн, ис санаатын үллэстиэн, иннин тымтыктатан көрүөн баҕарара күүһүрэн, кини атахтара бу Култуура духуобунай киинигэр тиэрдэн аҕалар. Дьон саамай эппиэт ылаары эрэнэр дьоннорун, үтүө сүбэтиэйдэрин, көрбүөччүлэрин билгэһиттэрин мантан булаллар буоллаҕа. Арчы дьиэтин аана норуокка өрүү аһаҕас. Үлэһиттэрэ аҕыйах да буоллаллар, истиҥ мичээрдээх, эҕэрдэлээх, Алгыстаах, алаадьы астаах көрсөллөр. Кэлбит киһи барыта ыраастанан, арчыланан астынан баран, аны эрдэттэн бэлэмнэммит туспа быыстардаах кабинкаларга ааһаллар, ирэ-хоро туох санааттан муунтуйбуттарын, тоҕо оннугун, ону аһарарга сүбэ-ама ылан, инникилэрин туох күүтэрин билгэлэтэн, дьэ чэпчээн, билэн-көрөн, эрэл кыымын үөскэтэн, үтүөнү иччилэтэн бараллара эгэ эрэ үчүгэй буолар буоллаҕа.
Быйыл Таҥха киэһээлэрэ 12-13-14-15 чыыһыларга буолан аастылар. Тэрээһин олус үчүгэй, киһи эрэ астынар. Учууталбыт, култуура үтүөлээх үлэһитэ Федоров Афанасий Семеновичтан, кэргэннии Сыдьаайа уонна Байдам Филипповтартан алгыс толорутун, күүстээҕин уохтааҕын ыллыбыт.Арчы дьиэтин дириэктэрэ Андреева Лариса Константиновна уонна бары үлэһиттэрэ түбүктээх киэһээлэри бу уустук кэмҥэ дьон санаатын көтөҕөөрү тэрийбиттэригэр барҕа махталбын үөрэ-көтө тиэрдэбин. Кэлбит саҥа сыл барыгытыгар үрдүк таһымнаахтык аастын диибин” – диэн көрбүөччү, уйулҕаһыт Татыйык Баайахсаана санаатын тиэрдэр.
«Быйылгы Таҥха күннэрэ хаһааҥҥытааҕар да элбэх кыттааччылаах, дьон да кэлиитэ элбэх буолла. Тэрийээччилэр эрдэттэн биллэрэн, дьон сылдьыыта элбээбит дии санаатым. Көмөҕө, сүбэҕэ наадыйааччы, билиҥҥи балаһыанньанан сибээстээн, элбээбит. Сандаар түмсүүттэн 8 киһи өрөөбөккө үлэлээн, астыммыттарын биллэрдилэр. Эдэр тэрийээччилэр көхтөөх буолан дьон таах чуҥкуйан олорбото, барыта былаан быһыытынан сулбу халбы тэтимнээхтик барда. Тэрийээччилэргэ улахан махтал!” — диэн өбүгэ сиэрин-туомун тарҕатар «Сандаар» түмсүү салайааччыта, норуот эмчитэ, уйулҕаһыт, эмчит, СӨ култууратын туйгуна Ю.Ю.Николаева-Намылҕа санаатын үллэһиннэ.
Дьыл эргииринэн өбүгэлэрбит олохтообут үйэлээх үгэстэрин утумнуур билгэлиир киэһэлэригэр, алҕыыр дьоҕурдаах ураты дьон санааларын сайҕаан, эрэл кыымын бар дьоҥҥо сахтылар.
Любовь КОНСТАНТИНОВА, СӨ култууратын туйгуна, «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинин уус-уран салайааччыта
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…