Салгыы
Түөрт саҥа киирбит эрэгийиэн туһунан

Түөрт саҥа киирбит эрэгийиэн туһунан

13.10.2022, 14:35
Бөлөххө киир:

 Донецкай, Луганскай Народнай Өрөспүүбүлүкэлэр, Запорожье, Херсон уобаластара Арассыыйа састаабыгар киирэллэрин туһунан РФ бэрэсидьиэнин Владимир Путины кытары дуогабар баттаһыылара дойдубут устуоруйатыгар биир умнуллубат бэлиэ күн. Бу түөрт эрэгийиэн Ростов уобалаһыттан Крымҥа диэри Азовскай муораны иилии эргийэллэрин таһынан Арассыыйаҕа туох улахан суолталаахтарый? Бүгүy ону ырытан көрүөххэ.

 

Донбаас уонна Луганскай

Бастатан туран, Донецкай уонна Луганскай өрөспүүбүлүкэлэри ылан көрүөххэ. Бу өрөспүүбүлүкэлэр, билэргит курдук, 2014 сыл­лаахха тутулуга суохтарын биллэрбиттэрэ. Урукку Донецкай уобалас баһы­йар үгүһэ саҥа тэриллибит народнай өрөспүүбүлүкэҕэ барбыта. Санатан эттэххэ, Донецкай уобалас 1932 сыллаахха тэриллибитэ. 2014 сыллаахха тэриллибит өрөспүүбүлүкэ киининэн Донецкай куорат буолбута. Билигин өрөспүүбүлүкэ аҕыс оройуоннаах. Донбаас аан дойдуга таас чоҕунан биллэр, ону таһынан манна металлургия, химия бырамыысыланнаһа, тиэхиньикэни оҥоруу сайдан турар.

Луганскай уобалас эмиэ ааспыт үйэ 30-с сылларыгар тэриллибитэ. Былырыын манна икки мөлүйүөнтэн тахса киһи олорор диэн аахпыттара. Нэһилиэнньэ эмиэ таас чоҕу хостуур. Бу икки өрөспүүбүлүкэлэр бэйэлэрэ туспа барыахтарыттан сэрии толоонугар олордулар, үгүс социальнай да, бырамыысыланнас да эбийиэктэрэ алдьанна. Икки эрэгийиэн аҕыс сыл устата 1,5 трлн солкуобайдаах хоромньуга тэбилиннэ диэн эспиэртэр суруйаллар. 2014 сылтан өрөспүүбүлүкэлэр олохтоохторо Арассыыйа пааспарын ылаллара судургутутуллубута, онон үгүстэр РФ пааспарын номнуо ылан олороллор.

Арассыыйаҕа бу икки таас чох­тоох эрэгийиэн киирбитэ дойду экэ­ниэмикэтин сайыннарыыга олус улахан суолталаах. Донецкай уонна Луганскай иккиэн сиртэн хостонор баайдарынан, тыа хаһаайыстыбаларынан Украинаҕа инники кэккэҕэ сылдьыбыттара. Онон сотору кэминэн бу икки эрэгийиэн бырамыысыланнаһын сайыннарыыга улахан болҕомто ууруллуоҕа.

Запорожьетааҕы атомнай ыстаансыйа

Өскөтүн Донбаас, Луганскай таас чоҕунан биллэр буоллахтарына, Запорожье тимири уһаарыытынан уонна энэргиэтикэтинэн инники күөҥҥэ сылдьар. Запорожье уобалаһын устуоруйатыттан ылан кэп­­сээтэххэ, бу уобалас 1939 сыллаахха Днепропетровскай, Николаевскай уобаластар оройуоннарыттан тэриллибитэ. Билигин манна 1,6 мөлүйүөнтэн тахса киһи олорор. Уобалас барыта биэс оройуоннаах. Олохтоохтор тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаналларын таһынан металлургияҕа, энэргиэтикэҕэ үлэлэһэллэр. Манна металлургия, тиэхиньикэни, эми-тому, химичес­кэй бородууксуйаны оҥоруу курдук бырамыысыланнас көрүҥэ сайдыбыт. Уобаласка барыта 160 улахан бырамыысыланнай хампаанньа баара биллэр. Бу хампаанньалар үгүстэрэ тимири, араас металы уһаарыыга, тиэхиньикэни, саппаас чаастары оҥорууга үлэлэ­һэллэр. Сэбиэскэй Сойууска аатырбыт “Запорожец” массыыналар бу мантан тахсаллара. Билигин Запорожьетааҕы массыына собуота кыра массыыналартан саҕалаан оптуобуска тиийэ оҥорон таһаарар. Оттон “Мотор Сич” хампаанньа авиационнай бырамыысыланнаска үлэлэһэр.

Запорожье металлургияны таһынан Европаҕа саамай улахан атомнай ыстаансыйаны тутан олорорунан биллэр. Энергодар куоракка 6000 МВ кыамталаах улахан ыстаансыйа баар, 1979 сыллаахтан саҕалаан тутуллубута, 1987 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Манна барыта уон биир тыһыынчаттан тахса киһи үлэлиир. Билигин ыс­­таансыйаҕа Украина өттүттэн уот ситимэ быстан турар, ыстаансыйа “Росатом” уонна Атомнай эниэргийэ норуоттар икки ардыларынааҕы ааҕыныстыбатын (МАГАТЭ) үлэһиттэрин хонтуруолугар киирдэ. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэҕэһээ МАГАТЭ генеральнай дириэктэрэ Рафаэль Гроссины кытары кэпсэтиитигэр бу боппуруоска санааларын этэн турар.

Херсон уобалаһа

Херсон уобалаһа Азовскай уонна Хара муора ыпсыыларыгар, Днепр өрүс сүнньүгэр турар буолан ураты суолталаах. Запорожьены уонна Крымы кытары кыраныыссалаһан олорор. Онон муоранан да, өрүһүнэн да сырыыны хааччыйа олорор уобалас буолар. Былырыыҥҥы туругунан, уобалас биир мөлүйүөнтэн тахса нэһи­лиэнньэлээҕэ. Суол-иис, тырааныспар өттүнэн сайдыылааҕын таһынан бу эрэгийиэн сирэ-уота үксүтэ истиэп буолан тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга табыгастаах уонна барыстаах. Олохтоохтор үгүстэрэ тыа ха­­һаайыстыбатынан дьарыктанан олороллор. Манна бурдугу, кукурузаны, ирииһи үүннэрэллэр.

Манна даҕатан эттэххэ, Херсон уобалаһа 2014 сылга диэри Крым тумул арыыны кытары ыкса үлэлэһэ олорбута. Бу икки эрэгийиэн тыа ха­­һаайыстыбатын сайдыытыгар биир баттаамалаах уобалас этилэр. Онон билигин иккиэн салгыы үлэлииллэригэр бары кыахтар бааллар.

Түмүккэ

Түмүктээн эттэххэ, Арассыыйа састаабыгар бу өссө түөрт эрэги­йиэн киирбитинэн дойдубут сүүстэн тахса кв м кэҥээтэ. Арассыыйа нэһилиэнньэтэ барыта холбоон биэс-алта мөлүйүөнүнэн элбиир чинчилээх. Таас чоҕунан, металлургиянан, энэр­гиэтикэнэн баай эрэгийиэннэр сыһыннылар. Ол эрээри бу этэргэ эрэ дөбөҥ, хас биирдии сыыппара кэннигэр дьон дьылҕата турар. Билигин аны эрэги­йиэннэр олохторун тупсарыыга, социальнай, бырамыысыланнай эбийиэктэри чөлүгэр түһэриигэ кырата суох үлэ барара күүтүллэр. Ол эрээри саамай сүрүнэ – Арассыыйа Азовскай, Хара муораларын өттүлэриттэн бэйэтин харыстанна.

Хаартыска: https://expertsouth.ru/news/novyy-yugozapad-kakie-regiony-voshli-v-sostav-rossii-po-sosedstvu-s-yufo/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 84% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: