Донецкай, Луганскай Народнай Өрөспүүбүлүкэлэр, Запорожье, Херсон уобаластара Арассыыйа састаабыгар киирэллэрин туһунан РФ бэрэсидьиэнин Владимир Путины кытары дуогабар баттаһыылара дойдубут устуоруйатыгар биир умнуллубат бэлиэ күн. Бу түөрт эрэгийиэн Ростов уобалаһыттан Крымҥа диэри Азовскай муораны иилии эргийэллэрин таһынан Арассыыйаҕа туох улахан суолталаахтарый? Бүгүy ону ырытан көрүөххэ.
Бастатан туран, Донецкай уонна Луганскай өрөспүүбүлүкэлэри ылан көрүөххэ. Бу өрөспүүбүлүкэлэр, билэргит курдук, 2014 сыллаахха тутулуга суохтарын биллэрбиттэрэ. Урукку Донецкай уобалас баһыйар үгүһэ саҥа тэриллибит народнай өрөспүүбүлүкэҕэ барбыта. Санатан эттэххэ, Донецкай уобалас 1932 сыллаахха тэриллибитэ. 2014 сыллаахха тэриллибит өрөспүүбүлүкэ киининэн Донецкай куорат буолбута. Билигин өрөспүүбүлүкэ аҕыс оройуоннаах. Донбаас аан дойдуга таас чоҕунан биллэр, ону таһынан манна металлургия, химия бырамыысыланнаһа, тиэхиньикэни оҥоруу сайдан турар.
Луганскай уобалас эмиэ ааспыт үйэ 30-с сылларыгар тэриллибитэ. Былырыын манна икки мөлүйүөнтэн тахса киһи олорор диэн аахпыттара. Нэһилиэнньэ эмиэ таас чоҕу хостуур. Бу икки өрөспүүбүлүкэлэр бэйэлэрэ туспа барыахтарыттан сэрии толоонугар олордулар, үгүс социальнай да, бырамыысыланнас да эбийиэктэрэ алдьанна. Икки эрэгийиэн аҕыс сыл устата 1,5 трлн солкуобайдаах хоромньуга тэбилиннэ диэн эспиэртэр суруйаллар. 2014 сылтан өрөспүүбүлүкэлэр олохтоохторо Арассыыйа пааспарын ылаллара судургутутуллубута, онон үгүстэр РФ пааспарын номнуо ылан олороллор.
Арассыыйаҕа бу икки таас чохтоох эрэгийиэн киирбитэ дойду экэниэмикэтин сайыннарыыга олус улахан суолталаах. Донецкай уонна Луганскай иккиэн сиртэн хостонор баайдарынан, тыа хаһаайыстыбаларынан Украинаҕа инники кэккэҕэ сылдьыбыттара. Онон сотору кэминэн бу икки эрэгийиэн бырамыысыланнаһын сайыннарыыга улахан болҕомто ууруллуоҕа.
Өскөтүн Донбаас, Луганскай таас чоҕунан биллэр буоллахтарына, Запорожье тимири уһаарыытынан уонна энэргиэтикэтинэн инники күөҥҥэ сылдьар. Запорожье уобалаһын устуоруйатыттан ылан кэпсээтэххэ, бу уобалас 1939 сыллаахха Днепропетровскай, Николаевскай уобаластар оройуоннарыттан тэриллибитэ. Билигин манна 1,6 мөлүйүөнтэн тахса киһи олорор. Уобалас барыта биэс оройуоннаах. Олохтоохтор тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаналларын таһынан металлургияҕа, энэргиэтикэҕэ үлэлэһэллэр. Манна металлургия, тиэхиньикэни, эми-тому, химическэй бородууксуйаны оҥоруу курдук бырамыысыланнас көрүҥэ сайдыбыт. Уобаласка барыта 160 улахан бырамыысыланнай хампаанньа баара биллэр. Бу хампаанньалар үгүстэрэ тимири, араас металы уһаарыыга, тиэхиньикэни, саппаас чаастары оҥорууга үлэлэһэллэр. Сэбиэскэй Сойууска аатырбыт “Запорожец” массыыналар бу мантан тахсаллара. Билигин Запорожьетааҕы массыына собуота кыра массыыналартан саҕалаан оптуобуска тиийэ оҥорон таһаарар. Оттон “Мотор Сич” хампаанньа авиационнай бырамыысыланнаска үлэлэһэр.
Запорожье металлургияны таһынан Европаҕа саамай улахан атомнай ыстаансыйаны тутан олорорунан биллэр. Энергодар куоракка 6000 МВ кыамталаах улахан ыстаансыйа баар, 1979 сыллаахтан саҕалаан тутуллубута, 1987 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Манна барыта уон биир тыһыынчаттан тахса киһи үлэлиир. Билигин ыстаансыйаҕа Украина өттүттэн уот ситимэ быстан турар, ыстаансыйа “Росатом” уонна Атомнай эниэргийэ норуоттар икки ардыларынааҕы ааҕыныстыбатын (МАГАТЭ) үлэһиттэрин хонтуруолугар киирдэ. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэҕэһээ МАГАТЭ генеральнай дириэктэрэ Рафаэль Гроссины кытары кэпсэтиитигэр бу боппуруоска санааларын этэн турар.
Херсон уобалаһа Азовскай уонна Хара муора ыпсыыларыгар, Днепр өрүс сүнньүгэр турар буолан ураты суолталаах. Запорожьены уонна Крымы кытары кыраныыссалаһан олорор. Онон муоранан да, өрүһүнэн да сырыыны хааччыйа олорор уобалас буолар. Былырыыҥҥы туругунан, уобалас биир мөлүйүөнтэн тахса нэһилиэнньэлээҕэ. Суол-иис, тырааныспар өттүнэн сайдыылааҕын таһынан бу эрэгийиэн сирэ-уота үксүтэ истиэп буолан тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга табыгастаах уонна барыстаах. Олохтоохтор үгүстэрэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанан олороллор. Манна бурдугу, кукурузаны, ирииһи үүннэрэллэр.
Манна даҕатан эттэххэ, Херсон уобалаһа 2014 сылга диэри Крым тумул арыыны кытары ыкса үлэлэһэ олорбута. Бу икки эрэгийиэн тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар биир баттаамалаах уобалас этилэр. Онон билигин иккиэн салгыы үлэлииллэригэр бары кыахтар бааллар.
Түмүктээн эттэххэ, Арассыыйа састаабыгар бу өссө түөрт эрэгийиэн киирбитинэн дойдубут сүүстэн тахса кв м кэҥээтэ. Арассыыйа нэһилиэнньэтэ барыта холбоон биэс-алта мөлүйүөнүнэн элбиир чинчилээх. Таас чоҕунан, металлургиянан, энэргиэтикэнэн баай эрэгийиэннэр сыһыннылар. Ол эрээри бу этэргэ эрэ дөбөҥ, хас биирдии сыыппара кэннигэр дьон дьылҕата турар. Билигин аны эрэгийиэннэр олохторун тупсарыыга, социальнай, бырамыысыланнай эбийиэктэри чөлүгэр түһэриигэ кырата суох үлэ барара күүтүллэр. Ол эрээри саамай сүрүнэ – Арассыыйа Азовскай, Хара муораларын өттүлэриттэн бэйэтин харыстанна.
Хаартыска: https://expertsouth.ru/news/novyy-yugozapad-kakie-regiony-voshli-v-sostav-rossii-po-sosedstvu-s-yufo/
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…