Саха сиригэр тааска суруктары сыыппараҕа киллэрии үлэтэ ыытыллар. Үлэ бастакы түһүмэҕэ 2023 сыл балаҕан ыйыттан саҕаламмыта.
Быйыл үлэ салҕанна. Эспэдииссийэҕэ СӨ култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин харыстыырга управлениета, Хотугу норуоттар кыһалҕаларын, гуманитарнай чинчийии институтун, Археология лабораториятын үлэһиттэрэ кыттыбыттара.
Эспэдииссийэ Хаҥалас улууһун Тиит Арыы, Еланка, Үөдэй сэлиэнньэлэрин сирдэригэр буолбута. Манна ойуулары, суруктары сыыппараҕа түһэрии, 3D-моделирование үлэтэ ыытыллыбыта. Ойуулары хаста да араас өттүттэн хаартыскаҕа түһэрэллэр уонна анал бырагыраамаҕа киллэрэннэр, 3D-модель оҥороллор. Маны сэргэ учуонайдар ойуулар туруктара хайдаҕын чинчийдилэр.
Хомойуох иһин, тааска уруһуйдар туруктара соччото суох. Түҥ былыр соһо кыраасканан уруһуйдаммыт ойуулар итии-тымныы, тыал, ардах, күн уотун дьайыытыттан алдьанан иһэллэр. Дьон дьайыыта да баар. Саҥа инновационнай ньымалар тааска уруһуйдар уобарастарын үүнэр көлүөнэлэргэ харыстаан хаалларыахтара диэн эрэл баарын СӨ култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин харыстыырга управлениета иһитиннэрэр.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…