Таастаахха саха тимирин уһаардылар

Share

Бу күннэргэ  Таастаах нэһилиэгэр Нам улууһун тимир уустара мустан тимири уһаардылар.

Таастаах нэһилиэгэр тимир уһаарыыта Василий Иванович Герасимов салайыытынан, көҕүлээһининэн 2011 сылтан саҕаламмыта. Кэнники сылларга  тустаах тэрээһин Нам улууһун уустарын түмсүүтэ тэрийиитинэн ыытыллар.

Бу күн түмсүү салайааччыта  Михаил Баишев  (1 Хомустаах) уонна кини үөрэнээччилэрэ Василий Герасимов  (Таастаах), Алексей Пинигин-Лоҥхо Уус (Хатырык), Прокопий Ильин  (Нам с.), Александр Михайлов (Нам с.), Максим Попов (Таастаах), Иннокентий Данилов (1 Хомустаах)  буолан, үс оһоххо күнү күннүктээн тура тэбинэн туран күүскэ үлэлээтилэр.

Биирдии оһоххо 21 киилэ тимирдээх урууданы кутан, 3,5 киилэ болгуо тимири уһааран таһаардылар. Онон уопсайа 10,5 киилэ кэриҥэ болгуо тимири уһаардылар.

Киэҥ көрүүлээх, сахалыы санаалаах, тимир уһаарыытынан дьарыктанар биир дойдулаахтарбытыгар чэгиэн туругу, үрдүк ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ!

Санатар буоллахха, тэрээһин сүрүн сыала-соруга: былыргы саха тимирин уһааран ылар дьоҕуру салгыы сайыннарыы, киэҥ араҥаҕа тэнитии, кыһын тимир оҥоһуктары оҥорор тимиринэнэ хааччыныы, уопут атастаһыыта уонна инники былааннары торумнааһын.

«Нам улууһа» МТ пресс -сулууспата

Видео-устууну көрүҥ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

7 минут ago
  • Сонуннар

Нерюнгриттан кэлбит ыалы аймахтара сүтэрбиттэрэ нэдиэлэ буолла

Дьокуускай полицията Юлия уонна Руслан Липадаттары көрдүүр. Кинилэр бу сыл ахсынньы 5 күнүттэн ыла аймахтарын…

8 минут ago
  • Бэрээдэк

Саха сиригэр үлэлээбит үс вьетнамеһы Арассыыйаттан таһаардылар

Саха сиригэр үс вьетнамец үлэлииллэригэр көҥүллэммит идэлэринэн буолбакка, атынынан дьарыктана сылдьаллара биллибит. Кинилэр кафеҕа үлэлии…

19 минут ago
  • Бэрээдэк

Биэнсийэлээх дьахтар төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыт

Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар биэнсийэлээх дьахтар 16 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыттарын туһунан иһитиннэрбит. Полиция…

37 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүҥҥүттэн киинэ тыйаатырдарыгар «Аптаах дорҕоон» киинэ көстүөҕэ

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар "Аптаах дорҕоон" киинэ көстүөҕэ. Саҥа киинэҕэ Алексей…

1 час ago
  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

2 часа ago