Таатта аатырбыт иистэнньэҥэ «Сылгыһыт таҥаһа» саҥа бырайыакка ылыста
Таатта улууһун аатырбыт иистэнньэҥэ, СӨ култууратын туйгуна, “Өбүгэ үгэһэ” уопсастыбаннай хамсааһын, “Таатта саарыта” түмсүү салайааччыта Изабелла Элякова бу күннэргэ саҥа бырайыакка ылыста.
— «Сылгыһыт таҥаһа» саҥа бырайыакпын саҕалаан эрэбин. Былырыын Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгиттэн уопсастыбанньыктар ыыппыт тыстарыгар өссө эбэн, куруму, иһигэр куобах кээнчэлээх, куллукалаах гына оҥороору былаанныы сылдьабын.
Үлэбитин эһиил тохсунньуга диэри бүтэрэр соруктаахпыт. Сүүрбэччэ ааттаах-суоллаах олох толору кэмпилиэк таҥаһы тигиэхпит. Элбэх үлэ күүтэр. Бэйэбин кытта төрдүөбүт.
Таатта улууһун 4 нэһилиэгиттэн мустан, Ытык Күөл култуурунай киинигэр фойены көҥүллэтэн баран, онно саамай бытархай, аттарыллар матырыйаалларбын аҕалан, тиэрэ уура сытан былааннаан, бэрийэн, сүбэ мунньах оҥорбутум. Выкройкаларбытын быһыталаан, ыйыы кэрдии биэрбитим.
Тирии бөҕө имиллиэхтээх. Уһун куруму этэрбэскэ кыратык эбиэхпит. Уллуҥун Муомаҕа сакаастаабытым. 4 пыжик имиллибит тириитин Чукоткаттан атыыласпытым, — диэн ылсыбыт бырайыагын билиһиннэрдэ Изабелла Иннокентьевна.
Онон аны сотору кэминэн «Сылгыһыт таҥаһа» сонун бырайыагы Изабелла Элякова салайар Таатта улууһун иистэнньэҥнэрэ биир дойдулаахтарын дьүүлүгэр таһаарыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: