Таатта алгысчыта дойдутун дьонун арчылаата
Туймаада ыһыаҕар улуустар бэйэлэрин түһүлгэлэригэр биир дойдулаахтарыгар биллэр дьоннорун ыҥырынан алгыстаттылар.
Мин ыһыах күн түһүлгэлэри көрө сылдьан, Лилия Захаркина-Төлкө Таатта улууһун алгыһыгар түбэһэ биэрдим.
Алгысчыт төрөөбүт Тааттатын түһүлгэтигэр анаан ыҥырыллан кэлэн алгыс түһэрэ сылдьар эбит. Кини биир дойдулаахтарыгар уйгулаах олоҕу, дьиэ кэргэҥҥэ истиҥ сыһыаны баҕарда.
Алгыс кэнниттэн таатталар алгысчыттарыгар кэлэн махтал тыл бастыҥын эттилэр.
Алгысчыкка бар дьонун кытта бииргэ сылдьара, кинилэргэ бары үтүөнү түстүү сылдьара — сирдээҕи анала буоллаҕа.
Лилия Захаркина-Төлкө «Саха сирэ» хаһыат дьоруойа. Кини туһунан Туймаада ыһыаҕар анаммыт матырыйаалбар суруйбутум. Онон түһүлгэлэри көрө сылдьан, кини алгыы турарыгар түбэһиибин — үөһэттэн ыйыы курдук ылынным. Бу курдук төрөөбүт улуустарыгар өйөбүл буола сылдьар алгысчыттардаах улуус сайдан, тупсан иһэригэр эрэнэбин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: