Таатта Кыйытыгар саҥа амбулатория дьиэтэ аһыллаары турар
Таатта улууһун Кыйытыгар саҥа быраас амбулаторията үлэҕэ киирдэҕинэ, мэдиссиинэ көмөтүнэн 700-кэ киһи туһаныаҕа.
Амбулаторияҕа быраас-терапевт уонна фельдшер, акушер кэбиниэттэрэ итиэннэ күнүскү стационар, процедурнай кэбиниэттэр уонна эмтиэкэ бааллар.
«Саҥа амбулатория улахан суолталаах социальнай эбийиэгинэн буолар. Бастатан туран, олохтоохтор бастакы мэдиссиинискэй-санитарнай көмөнөн туһаныахтара» — диэн доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева эттэ.
Саҥа модульнай тутуу «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак иитинэн «Модернизация первичного звена здравоохранения» бырагырааманан үлэҕэ киллэриллэн эрэр.
«Үлэ барыта ыытылынна. Саҥа балыыһа киэҥ-куоҥ, сырдык, онон ыарыһахтарга да, медперсоналга да табыгастаах буолуоҕа» — диэн Тааттатааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Сардана Кононова эбэн эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: