Салгыы
Таатта оройуонун Туора Күөл оскуолата 100 сылын бэлиэтээтэ

Таатта оройуонун Туора Күөл оскуолата 100 сылын бэлиэтээтэ

Ааптар:
20.10.2024, 12:15
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Саха сирин вице-премьерэ Анатолий Семенов Таатта улууһун И.Н. Гуляев аатынан Туора Күөл орто оскуолатын 100 сыллаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээтэ.

Кини Бырабыыталыстыба аатыттан саҥа оптуобус атыылаһарга сэртипикээт туттарда. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйар.

Кини этэринэн, Туора Күөл орто оскуолатын үбүлүөйэ олохтоох уопсастыбаҕа эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ улахан суолталаах түгэнинэн буолар. Бу үөрэх кыһата  үүнэр көлүөнэни иитиигэ, төрүт үгэстэри оннунан хаалларыыга уонна өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах.

«Туора Күөл оскуолата — улуус биир кырдьаҕас оскуолата. Устуоруйата олус киэҥ уонна баай. Салалта уонна педагогическай кэлэктиип күүһүнэн үөрэх хаачыстыбата тупсар», — диэн Анатолий Семенов бэлиэтээтэ.

Тэрээһин кэмигэр вице-премьер судаарыстыбаннай наҕараадалары уонна махтал суруктары туттарда.

«Билиҥҥи оскуола үөрэнээччилэрэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэриэхтэрэ диэн эрэнэбин. Кэлэктиипкэ саҥа айымньылаах ситиһиилэри, күүһү-уоҕу баҕарабын», — диэн бэлиэтээтэ Анатолий  Семенов.

Билигин оскуолаҕа 103 үөрэнэр. Оскуола айар эйгэҕэ, успуорка уонна научнай-чинчийэр үлэҕэ ситиһиилээхтик кыттар. Патриотическай иитиигэ ураты болҕомто ууруллар. Оскуола бэйэтин выпускнигынан — Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимовынан-Бурхаатынан киэн туттар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: