Таатта саҥа поликлиникатыгар 90 тыһыынчаттан тахса ыарыһах көрдөрүннэ
Лоп курдук сыл анараа өттүгэр, сэтинньи 28 күнүгэр, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр саҥа поликлиниканы арыйбыта.
Бу сыл саҕаланыаҕыттан саҥа эбийиэккэ 94 тыһыынча кэриҥэ ыарыһах көрүлүннэ. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
200 киһини көрөр поликлиника «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллубута. «Бу кэм иһигэр саҥа балыыһа олохтоохторго мэдиссиинэ көмөтүн хаачыстыбатын үрдэттэ уонна өҥөнү туһаныы биллэрдик тубуста. Урут оройуон олохтоохторо хаачыстыбалаах диагностиканы ааһалларыгар эбэтэр исписэлиистэргэ көрдөрүнэргэ сүүһүнэн биэрэстэ км усталаах айанныыллара. Билигин Таатта улууһугар быһаччы көрдөрүнэр кыахтаннылар», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Бу сыл 10 ыйын иһигэр 3 500 физотерапевтическай хоско, көмпүүтэр томографияҕа 760 чинчийии, 2300 УЗИ, 12000 рентген-чинчийиитэ ыытыллыбыт, 400 000 анаалыс ылыллыбыт, ол иһигэр ПЦР.
«Биир сыл иһигэр диагностическай оборудование бэйэтинэн кыаҕын толору көрдөрдө. Мэдиссиинэ киин архыыбын кытта холбонон, түргэн уонна хаачыстыбалаах быраастар түмүктэринэн хааччыйар», — диэн кэпсиир киин балыыһа кылаабынай бырааһа Сардаана Кононова.
Поликлиника иэнэ түөрт тыһыынчаттан тахса квадратнай миэтэрэлээх. Балыыһаҕа көмпүүтэр томографията, бронхоскоп, колоноскоп уонна гастроинтенсивнай видеоскоп бааллар. Лор-быраас, дерматолог уонна стоматолог хосторо эмиэ аһыллыбыттар. Диагностикалыыр оборудование барыта киин мэдиссиинэ архыыбын кытта ситимнээх. Доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр уопсайа 33 быраас, 65 орто мэдиссиинэ салаатын исписэлиистэрэ үлэлииллэр. Быйыл рентгенолог-быраас уонна икки сиэстэрэ үлэлии киирбиттэр.
Бэрэсидьиэн национальнай бырайыактара 2019 сылтан саҕаламмыттара. Саха сиригэр «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак олоххо киириэҕиттэн Саха сиригэр перинатальнай, кардиососудистай уонна онкологическай кииннэр үлэҕэ киирбиттэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: