Таатта суоппарыгар Өлүөнэ эбэни туораан, дьону таспытын иһин холуобунай дьыала тэрилиннэ
Таатта улууһугар мууһунан айан сырыыта көҥүллэнэ илигинэ пассажирдары сокуоннайа суох тиэйбит суоппарга холуобунай дьыала тэрилиннэ.
Таатта улууһун борокуратуурата Саха сиринээҕи силиэстийэлиир кэмитиэт Чурапчытааҕы силиэстийэлиир отдела олохтоох киһиэхэ РФ Холуобунай кодексатын 238 ыстатыйатын 1 чааһынан (айанньыт олоҕун уонна доруобуйатын куттала суох буолуутун хааччыйар ирдэбиллэргэ эппиэттээбэт өҥөлөрү оҥоруу) тэрийбит холуобунай дьыалатын сокуоннайынан быһаарда.
Холуобунай дьыаланы тэрийии төрүөтүнэн, 2024 сыл сэтинньи 12 күнүгэр суоппар, барыһы ылар сыалтан, Өлүөнэ өрүһү мууһунан туорааһын айанныырга кутталлааҕын билэ-билэ, «Toyota Voxy» массыынатынан 4 пассажиры Дьокуускай – Ытык Күөл хайысханан илдьибитэ буолла.
Массыынаны 2024 сыл ахсынньы 12 күнүгэр киэһэ 21 ч. 04 мүн. Ытык Күөл нэһилиэгэр киирэр аартыкка Таатта улууһун борокуратуурата кыттыылаах ГАИ үлэһиттэрэ туттулар.
Билигин бу холуобунай дьыаланан силиэстийэлиир дьаһаллар ыытыллаллар. Силиэстийэ хаамыытын Борокуратуура хонтуруоллуур.
Бу буруйу оҥорбутун иһин, суоппар икки сылга диэри болдьоххо көҥүлэ быһыллыан сөп.
Бу иннинэ «Таатта» такси сулууспата Ытык Күөл – Дьокуускай уонна төттөрү, пассажирдары уонна таһаҕаһы тиэйбитинэн сибээстээн, 2024 с. сэтинньи 12 күнүгэр «Халыма» федеральнай айан суолугар суоппардары бэрэбиэркэлээһин саҕаланна диэн иһитиннэрбиттэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: