Таатта улууһа «Манчаары оонньууларын» ыытарга бэлэмнэнэр
Эһиил ыытыллар «Манчаары оонньууларын» саха киһитэ барыта кэтэһэр. Оонньуулар күөн күрэстэри эрэ мэктиэлээбэттэр, күүстээхтэн күүстээҕи, быһыйтан быһыйдары эрэ быһаарар буолбатахтар. Оонньуулар буолуохтаах сылларын инниттэн улахан соруктартан, тэрийии үлэтиттэн, үптэн-харчыттан, быһаарыылаах кэпсэтииттэн тураллар диэн Таатта улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Маныаха тэрийии үлэ ситимнээхтик ыытыллан, улуус бүттүүнэ туран, биир санаанан салайтаран, ыытыы, тэрийии үлэтин кыайа тутуохтаах. Ол инниттэн Таатта улууһун тэрийэр хамыыһыйата үлэ хаамыытын сырдатар, норуот санаатын истэр сыаллаах, нэһилиэктэринэн атах тэпсэн олорон кэпсэтиилэри саҕалаата.
Көрсүһүү улууска кыраныыссаттан бастакы нэһилиэктэн, Тыараһаттан саҕаланна. Кэпсэтиигэ Таатта улууһун баһылыгын э.т. Руслан Захаров, “Манчаары оонньууларын” дириэксийэтин салайааччыта Петр Захаров, успуорт салаатын салайааччыта Андрей Сидоров, норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин, үөрэх салаатыттан Зинаида Охлопкова кытыннылар. Кэпсэтиигэ олохтоох оскуола, коррекционнай оскуола, кулууп, ОДьКХ, түөлбэ салайааччылара, о.д.а кытыннылар.
Көрсүһүүнү улуус баһылыгын э.т Руслан Игнатьевич иилээн-саҕалаан ыытта. Петр Захаров улахан хабааннаах тэрийии үйэ чиэппэрэ анараа өттүгэр ыытыллыбытыгар, ирдэбил уустугуруутугар, ханнык баҕарар тэрээһин улахан үбүнэн ыытылларыгар тохтоото. Ол инниттэн хамыыһыйа сүрүн үлэтин, хаамыытын, туох итэҕэстэр бүгүҥҥү күннээххэ баалларын кэпсээтилэр.
Чөркөөхтөр икки бырагырааманан үлэлии олороллор. Чөркөөхтөр нэһилиэктэрин ис көстүүтүгэр биир буочары, өҥү киллэрэргэ ураты үлэни ыыталлар. Успуорт саалатын тутуута бытаарбыт, көрдөххө, үлэ сүнньүнэн саҕаламмыт эрээри, үлэҕэ кэккэ харгыстартан бытаарыы тахсыбыт. Олохтоохтор кыахтарынан эргэ тутуулары, хаппыт мастары ыраастыы, көтүрэ сылдьаллар, киин уулусса ыаллара күрүөлэрин оҥостон, кырааскаланан саҕалаабыттар. Аны саас остуолбалар саҥардыллаллара, тохтобуллар, палисадниктар оҥоһуллаллара былааннанар. Онон чөркөөхтөр бириэмэни баттаһа үлэни үмүрүтэ охсорго, кэлэр сылга саҥа бырайыактары олоххо киллэрэргэ бэлэм олороллор.
Оонньуулар пуондаларыгар төһө үп киирбитэ, ороскуоттаммыта нэһилиэктэр олохтоохторун интэриэһиргэттэ. Салайааччы Петр Егорович уопсайа 7 мөл. 700 тыһ. солк. суумалаах үп хомуллубутун, ыйдарынан төһө үп киирбитин, солкуобайыгар тиийэ ороскуоттаммытын кэпсээтэ. Тыараһа нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Семен Бетюнов оонньуулар ыытыллар кэмнэригэр айан суолун кытыытынааҕы нэһилиэктэр суолларыгар быылы хаптатыы үлэтин ыытарга эттэ. Оттон ОДьКХ маастара Семен Собакин суол өрөмүөнүн, туругун, үрэхтэр толору тоҥмуттара аны саас харгыһы үөскэтиэн сөп дуо диэн ыйыталаста. Чөркөөхтөөҕү түмэл дириэктэрэ Михаил Протодьяконов оонньуулары бүттүүн сөҕөр-махтайар гына таатталыы тыынынан ыытарга, Римма Таппырова, улуус уопсастыбаннай сэбиэтин чилиэнэ пуондаҕа үп киириитэ тоҕо мөлтөҕөр тохтоотулар. Киирбит ыйытыктарга улуус баһылыгын э.т. Руслан Захаров, дириэксийэ салайааччыта Петр Захаров сөптөөх хоруйу биэрдилэр. Кэлэр нэдиэлэҕэ кэпсэтиилэр салгыы тэриллиэхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: