Таатта улууһугар гидротехническай тутууну бөҕөргөтүү үлэтэ салҕанар
Таатта улууһун Кыйы сэлиэнньэтигэр “Сискэс” гидротехническай тутууга быһыты үрдэтэр үлэ салҕанарын туһунан ууга сыһыаннаах департамент салайааччытын солбуйааччы Анисия Игнатьева брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
Быһыт алдьанар куттала хаар-самыыр уутуттан үөскээһиниттэн уонна Чурапчы улууһун өттүттэн долгун ааһыытыттан саҕаламмыт.
«Водохранилище шлюз-регулятора эрэһииминэн үлэлиир, ууну бырахтарар тэрил өрөмүөҥҥэ турар. Икки өттүттэн быстах быһыттары оҥордубут. Билигин кутан үрдэтэр уонна быстах быһыттары бөҕөргөтөр үлэлэр бараллар», — диэн Анисия Игнатьева иһитиннэрдэ.
Манна үс тиэхиньикэ үлэлиир. Матырыйааллар саппаастара баар, бэдэрээттэһэр тэрилтэ суукканы быһа дьуһуурустубалыыр.
Миэстэтигэр ыксаллаах быһыыга-майгыга хамыыһыйа суһал бөлөҕө кэлэн, Таатта өрүс тардыытыгар халаан балаһыанньатын билистэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: