Салгыы
Таатта улууһугар «Халыма» суолга массыына түҥнэстибит

Таатта улууһугар «Халыма» суолга массыына түҥнэстибит

Ааптар:
05.10.2024, 13:15
Хаартыска: ГАИ пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Таатта оройуонугар суол быһылааныгар икки пассажир эмсэҕэлээбит, ол иһигэр 13 саастаах кыыс оҕо.

Бу туһунан Саха сирин Госавтоинспекциятын пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр. Быһылаан күнүс «Халыма» суол 267 км Ытык күөл нэһилиэктэн тахсыытыгар Уолба сэлиэнньэтин диэки буолбут.

57 саастаах суоппар 11 пассажиры тиэйэн испит.  Суолга түргэн тэтимнээхтик айаннаабыт буолан, күүстээх ардахтар кэннэ суолга халтарытан түҥнэстибит. Икки пассажир балыыһаҕа киирбит: 46 саастаах дьахтар уонна 13 саастаах оҕо. Өссө икки пассажир амбулаторнайдык эмтэнэллэр.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
11
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: