Таатта улууһугар — Реас Кулаковскайга  аналлаах тэрээһиннэр

Share

Бэс ыйын 15 күнүгэр Таатта улууһугар ытык ыһыах түһүлгэтигэр Ытык Күөл киин бибилэтиэкэтэ суруйааччы Реас Кулаковскай төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах тэрээһиннэри ыытта.

Тэрээһиннэр кыттыылаахтарын уонна ыалдьыттары Реас Кулаковскай кыыһа, норуот үөрэҕириитин туйгуна, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо Рива Реасовна Кулаковская уонна  Лена Макарова ырыанан эҕэрдэлээтилэр.

Суруйааччы айымньыларын ырытыыга «Айар аартык күлүүһүн арыйдахха…»  кэтэхтэн ыытыллыбыт күрэс түмүгүн иһитиннэрдилэр  уонна кыайыылаахтарга наҕараадалары туттардылар. Улуус нэһилиэктэриттэн уонна  Кэбээйи, Сунтаар улуустарыттан, Дьокуускайтан барыта 17 үлэ киирбит.

Дьүүллүүр сүбэ  быһаарыытынан, 1 миэстэни О.М. Слепцова (Ытык Күөл), 2 миэстэни  Н.В. Андросова-Айталы (Дьокуускай), үһүс миэстэни  М.Н. Ширяева (Ытык Күөл) ыллылар.  Анал ааттар Т.С. Григорьеваҕа (Чычымах), С.Н. Самсонова-Сиибиктэҕэ (Кэбээйи) ананнылар. Онтон Биһирэбил бирииһи Ытык Күөлтэн Л.Н.Турнина тутта.

Суруйааччы айымньыларын дьиэ кэргэнинэн уус-ураннык  ааҕыыга «Айымньы кынатыгар уйдаран…»  күрэс эмиэ бэрт сэргэхтик ааста.  Дьүүллүүр сүбэҕэ Реас Алексеевич кыыһа Р.Р. Кулаковская, сиэнэ Н.Г. Дарбасова, Киин бибилэтиэкэ  дириэктэрэ А.К. Билюкина, «Уран тыл» литературнай түмсүүттэн С.С. Игнатьева үлэлээтилэр. 1-3 миэстэлэргэ  Пинигиннэр (Дьохсоҕон), Бехтюевтар (Ытык Күөл),  Турниннар (Ытык Күөл) дьиэ кэргэттэрэ тиксэн, кыайыылаахтарынан буоллулар. Бу күрэскэ анал ааттар эмиэ иҥэрилиннилэр. Ол курдук,  Андросовтар (Ытык Күөл), Шестаковтар (Ытык Күөл) анал ааттарга, Грязнухиннар (Ытык Күөл) Биһирэбил бириискэ тиксэн, үөрүү өрөгөйүн биллилэр.

Онтон «Реас Кулаковскай ыллыгынан…» диэн блиц-оонньууга  ким баҕалаах кыттан, талан ылбыт  ыйытыытыгар суруйааччы кинигэлэриттэн хоруйдары буллулар.

Кыайыылаахтар дипломнарынан,  бириистэринэн наҕараадаланнылар. Маны таһынан Кулаковскайдар дьиэ кэргэн бастакы миэстэни ылбыттарга аҕалара мөссүөннээх үрүҥ көмүс өйдөбүнньүк бэлиэлэрин туттардылар, кыттыбыт дьоҥҥо махталларын тириэртилэр.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: »Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

11 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

4 часа ago