Бу күннэргэ Таатта улууһун баһылыга Айаал Бурцев улууска ыытыллыахтаах Манчаары оонньууларын тэрийэр хамыыһыйаны кытта Ытык Күөлгэ уонна Дьохсоҕоҥҥо тутулла турар эбийиэктэргэ сылдьан, ыытылла турар үлэни-хамнаһы кытта билистэ.
Хамыыһыйа үлэтин, бастатан туран, оонньуулар саамай сүрүн былаһааккаларыттан — стадионтан саҕалаата. «Монтажник» тэрилтэ прораба Семен Эляков 3000 миэстэлээх таҥылла турар көрөөччүлэр тырыбыналарын көрдөрдө. Кини «өҥүн-дьүһүнүн дьүөрэлээн, саха былааҕын ойуулаан таһаарыахпыт. Билигин футбол хонуута тэлгэниллэр сирин бэлэмнии, тэҥнии сылдьабыт. Барыта 40-ча үлэһиттээхпит. Былаан 50% туолла», диэн кэпсээтэ.
«Монтажник» тэрилтэ салайааччыта Александр Ханин кэлэр нэдиэлэттэн футбол хонуутун тэлгээниитэ саҕаланарын, сир туруга мөлтөх буолан, уу бөҕө хаайтаран, бэлэмнииргэ өр бириэмэ барбытын, сүүрэр дорожканы таҥыы күн-дьыл туругуттан тутулуктааҕын бэлиэтээтэ.
Мас ууһа Алквиад Атастыров, Святослав Петровтуун паарка ааркатын көтүрэн, миэстэтин уларыта сылдьаллар. Улуус баһылыга Айаал Бурцев паарка успуорт былаһааккатынан эрэ буолбакка, дьон сахалыы кута-сүрэ тохтуур, түһүлгэлээн сынньанар сирэ буолуохтааҕын бэлиэтээтэ.
Бу кэнниттэн хамыыһыйа Ытык Күөлгэ Өксөкүлээх Өлөксөй болуоссатыгар ыытыллар үлэ хаамыытын кытта билистэ. Манна бетону көтүрүү үлэтэ сотору кэминэн түмүктэнэн, сирин үрдэтэн, тэҥнээн, кутан, амфитеатрдаах, киэҥ-куоҥ, дьаарбайарга табыгастаах болуоссат силигэ ситэрэ чугаһаабыт.
Элбэх функциялаах спортивнай чэбдигирдэр комплекс тутуута номнуо ортолообут. Ол курдук, эбийиэк иккис этээһин таһааран, таһынааҕы ититиитин тардыбыттар. А.Е. Мординов аатынан лиссиэй дьиэтин ис бараанын оҥоһуутугар, успуорт былаһааккатын миэстэтин бэлэмнииргэ үлэ барар.
Ханна да буоллун, ат сүүрдүүтэ үгүс көрөөччүнү түмэр. Онон Ытык Күөл ипподромун тутуута үгүс үлэни эрэйэр.
Хамыыһыйа Дьохсоҕоҥҥо дьоҕус стадион тутуллар миэстэтин көрдө-иһиттэ. улуус баһылыга эбийиэги көрөн-истэн баран, тутааччылар нэһилиэк сайдыытын, тэтимин көрдөрөр улахан суолталаах тутууга бэлэмнэнии үлэтин силигин ситэрэн, үлэлэрин тэтимирдэллэригэр соруйда.
Ити курдук, Таатта улууһугар эһиил Баһылай Манчаары төрөөбүтэ 200 сылын туолар бэлиэ түгэнигэр түбэһэр XXII-с Манчаары оонньууларын көрсөргө бэлэмнэнии үлэтэ күөстүү оргуйар.
Бу туһунан улуустааҕы пресс-сулууспа дьаһалта телеграм-ханаалыгар сырдатта.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…