Салгыы
Таатта улууһун баһылыга кырачаан Коляҕа бэлисипиэт бэлэхтээтэ

Таатта улууһун баһылыга кырачаан Коляҕа бэлисипиэт бэлэхтээтэ

03.09.2024, 15:38
Хаартыска: Айаал Бурцев телеграм-ханаала.
Бөлөххө киир:

Быйыл Оҕо саас уонна Дьиэ кэргэн сылларыгар элбэх оҕолоох ыалларга ураты болҕомто ууруллар.

Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 2 күнүгэр, Таатта улууһун баһылыга Айаал Бурцев Билии күнүнэн сибээстээн,  Дьүлэй нэһилиэгин сэттэ  оҕолоох ыалыгар Алексеевтарга сырытта.

«Ыал аҕа баһылыга Петр Петрович оскуолаҕа суоппарынан, ийэлэрэ Татьяна Николаевна оҕо уһуйааныгар иитээччи көмөлөһөөччүнэн үлэлииллэр. Кинилэр уоллара Коля быйыл 1-кы кылааска үөрэнэ киирдэ. Дойдубутугар Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларынан кыракый Коляҕа Бурцевтар дьиэ кэргэммит аатыттан бэлисипиэт бэлэхтээтим«, — диэн суруйда Айаал Бурцев бэйэтин телеграм-ханаалыгар.

Элбэх оҕолоох Алексеевтар, биллэн турар, улуус баһылыга кинилэр уолларыгар болҕомто уурбутугар истиҥ махталларын тиэртилэр. Элбэх оҕолоох ыалларга бу маннык үөрүүнү бэлэхтиир салайааччы дьонугар-сэргэтигэр болҕомтотун бэлиэтэ. Үтүө холобур батыһыннарыылаах буоллун!

+1
15
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
17 сентября
  • -2°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 86% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: