Салгыы
Таатта улууһун дьаһалтата уонна Гуманитарнай институт салалтата бииргэ үлэлиэхтэрэ

Таатта улууһун дьаһалтата уонна Гуманитарнай институт салалтата бииргэ үлэлиэхтэрэ

18.09.2024, 20:46
Хаартыска -- Таатта улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ  Дьокуускай куоракка Таатта улууһун баһылыга Айаал Бурцев уонна СӨ Гуманитарнай наука уонна Хотугу аҕыйах ахсааннах норуоттар проблемаларын институтун дириэктэрэ Сардаана Боякова  бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэристилэр.

Улуустааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, Былатыан Ойуунускай олохтообут Сибиир биир кырдьаҕас научнай тэрилтэтэ  Таатта улууһугар Российскай Федерация историко-культурнай эбийиэктэрин реестрыгар киллэрэр сыаллаах этнографическэй, археологическэй эспэдииссийэлэри тэрийэр, Таатта улууһун фольклорун чинчийэр кинигэлэри таһаарар, ытык Тааттаттан  төрүттээх биллиилээх дьон ааттарын үйэтитэн, үлэлэрин киэҥ эйгэҕэ тарҕатар, улуус топонимикатын чинчийэргэ уонна да атын улахан үлэлэри улуус эппиэттээх үлэһиттэрин кытта  бииргэ оҥорор соруктаах.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Тааттаттан  улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрин солбуйааччы Марианна Степанова, Чөркөөхтөөҕү историко-мемориальнай түмэл  сэбиэдиссэйэ Михаил Протодьяконов,  «П.А. Ойуунускай аатынан Саха сиринээҕи судаарыстыбаннай литературнай түмэл «Ытык Күөллээҕи  «Таатта» литературнай-художественнай музей-заповеднигын исписэлииһэ Александра Постникова уо.д.а. эппиэттээх салайааччылар кыттыыны ыллылар.

 Таатта улууһун дэлэгээссийэтэ уонна институт үлэһиттэрэ атах тэпсэн олорон, кэскиллээх бырайыактары олоххо киллэрэргэ сүбэлэстилэр, санааларын үллэһиннилэр.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -4°Влажность: 95% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: