Таатта улууһун социальнай-реабилитациялыыр киинэ — Арассыыйаҕа бастыҥ

Таатта улууһун социальнай-реабилитациялыыр киинэ — Арассыыйаҕа бастыҥ

18.10.2023, 17:18
Хаартыска: СӨ Үлэҕэ министиэристибэтин пресс-киинэ
Бөлөххө киир:

Алтыньы 11-13 күннэригэр Саха сирин дэлэгээссийэтэ “Бары – оҕолор тустарыгар!” Бүтүн Арассыыйатааҕы XIV пуорумҥа кытынна.

Нижегородскайга ыытыллыбыт пуорумҥа дойду 70-тан тахса эрэгийиэниттэн кыттан, аныгы технологиялары, социальнай бырагыраамалары уонна бырайыактары билиһиннэрдилэр.

Быыстапка былаһааккатыгар Саха сирин Таатта улууһун социальнай-реабилитациялыыр киинин «Служба социального сопровождения с кратковременным пребыванием детей»  обургу оҕолорго аналлаах  быраактыката “Ситиһии маршрута” номинацияҕа кыайыылааҕынан таҕыста.

Бу дьаарбаҥкаҕа уонна былаһааккаларга олох-дьаһах ыарахаттарыгар түбэспит оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйөөһүнү кытта сибээстээх боппуруостары дьүүллэстилэр.
СӨ Үлэҕэ министиэристибэтин дэлэгээссийэтэ уонна социальнай хааччыйыы 3 тэрилтэтин бэрэстэбиитэллэрэ 17 былаһааккаҕа уонна мастарыскыайдарга кытыннылар.

Министиэристибэттэн  иһитиннэрбиттэринэн, пуорум кыттыылаахтара өрөспүүбүлүкэ уопутун билистилэр. Саха сирин дэлэгээссийэтэ эрэгийиэн демографияҕа бэлиитикэтин уонна оҕо төрөөһүнүн өйөөһүн туһунан кэпсээтилэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 73% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: