Алтыньы 11-13 күннэригэр Саха сирин дэлэгээссийэтэ “Бары – оҕолор тустарыгар!” Бүтүн Арассыыйатааҕы XIV пуорумҥа кытынна.
Нижегородскайга ыытыллыбыт пуорумҥа дойду 70-тан тахса эрэгийиэниттэн кыттан, аныгы технологиялары, социальнай бырагыраамалары уонна бырайыактары билиһиннэрдилэр.
Быыстапка былаһааккатыгар Саха сирин Таатта улууһун социальнай-реабилитациялыыр киинин «Служба социального сопровождения с кратковременным пребыванием детей» обургу оҕолорго аналлаах быраактыката “Ситиһии маршрута” номинацияҕа кыайыылааҕынан таҕыста.
Бу дьаарбаҥкаҕа уонна былаһааккаларга олох-дьаһах ыарахаттарыгар түбэспит оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйөөһүнү кытта сибээстээх боппуруостары дьүүллэстилэр.
СӨ Үлэҕэ министиэристибэтин дэлэгээссийэтэ уонна социальнай хааччыйыы 3 тэрилтэтин бэрэстэбиитэллэрэ 17 былаһааккаҕа уонна мастарыскыайдарга кытыннылар.
Министиэристибэттэн иһитиннэрбиттэринэн, пуорум кыттыылаахтара өрөспүүбүлүкэ уопутун билистилэр. Саха сирин дэлэгээссийэтэ эрэгийиэн демографияҕа бэлиитикэтин уонна оҕо төрөөһүнүн өйөөһүн туһунан кэпсээтилэр.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…