Салгыы
Таатта улууһун үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ Өймөкөөн нэһилиэгин олохтоохторугар көмөлөһөллөр

Таатта улууһун үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ Өймөкөөн нэһилиэгин олохтоохторугар көмөлөһөллөр

22.08.2025, 12:30
Хаартыска: Таатта улууһун дьаһалтатын ТГ-ханаалыттан.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Таатта улууһун үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ Өймөкөөн улууһугар халаантан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмөлөһөн, чөлүгэр түһэрии үлэтигэр кытталлар. 

Улуустааҕы пресс-сулууспа иһитиннэрбитинэн, бөлөх састаабыгар үөрэх управлениетын салайааччытын солбуйааччы Иван Тарабукин, үөрэх управлениетын үлэһитэ Василий Хатылыков, Ытык Күөл 1 № -дээх орто оскуолатын үлэһитэ Арчын Охотин, Уолба орто оскуолатын үлэһитэ Иван Ширяев, Ытык Күөл 1 № дээх орто оскуолатын үлэһитэ Афанасий Потапов  бааллар.

Айылҕа иэдээнигэр түбэспит Өймөкөөн улууһун олохтоохторугар таатталар гуманитарнай көмөнөн эмиэ көмөлөспүттэрэ. Сомоҕолоһуу уонна өйөбүл чэрчитинэн ыытыллар үлэҕэ үөрэх үлэһиттэрэ Өймөкөөн улууһугар иккис халаан долгунун эмиэ баттастылар. Онон үлэлэрэ бу күннэргэ өссө элбээтэ.

Сиһилии  https://t.me/mrtatta/6614?single сигэнэн билис.

Бары сонуннар
Салгыы
22 августа
  • 26°C
  • Ощущается: 26°Влажность: 31% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: