Таатта ыччата — үлэ үөһүгэр
Саха сирин устудьуоннарын тутар этэрээттэрэ өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Эдэр саас, устудьуоннар этэрээттэрэ – бу ыччат романтиката.
Бу күннэргэ Таатта улууһугар онтон төрүттээх ыччаттар, устудьуоннар уопсайа 18 киһи тиийэн төрөөбүт дойдуларын сайыннара, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Бу туһунан Таатта улууһун дьаһалтата иһитиннэрэр.
Устудьуон ыччат Ытык-Күөлгэ уонна Дьохсоҕоҥҥо «Манчаары оонньууларын» чэрчитинэн ырааһырдыы, тупсарыы үлэтигэр сылдьаллар. Бүгүн устудьуоннар этэрээттэрин байыастарын кытары улуус баһылыга Айаал Бурцев көрсөн махталын эттэ уонна бу дойдуга бэриниилээх буолуу, кыһамньы үтүө холобурун көрдөрүү буолар диэтэ.
Санатан эттэххэ, Саха сиригэр устудьуоннар тутар этэрээттэрин хамсааһына 1968 сыллаахтан саҕаламмыта. Үйэ аҥарыттан ордук кэмҥэ 150-н тахса ыччат дьон устудьуоннар тутар этэрээттэригэр үлэлээн ааста.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: