Таатта Ытык Күөлүгэр Дьокуускайдааҕы медицинскэй кэллиэс филиала аһылынна
Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 6 күнүгэр, Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр Дьокуускайдааҕы медицинскэй кэллиэс Тааттатааҕы филиала үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
Тэрээһиҥҥэ улуус дьаһалтата, балыыһа уонна Дьокуускайдааҕы медицинскэй кэллиэс бииргэ үлэлээһиҥҥэ үс өрүттээх дуогабар баттастылар. Улуус дьаһалтата, оскуола уонна балыыһа бииргэ үлэлэһиилэрин түмүгүнэн Таатта улууһугар олус наадалаах исписэлиистэр дьиэлэриттэн тэйбэккэ анал эмчит идэлэнэн тахсыахтара. «Улуус баһылыга Айаал Бурцев эһиэхэ үөрэххитин дьиэҕитигэр аҕалан биэрдэ» — диэн тоҕоһолоон бэлиэтээтэ кэллиэс салайааччыта Дмитрий Алексеев. Филиалга Таатта улууһугар «Лечебное дело» уонна «Сестринское дело» хайысхаларынан 40 устудьуон үөрэниэҕэ. Кинилэри улуус киин балыыһатын быраастара уонна Ытык Күөллээҕи 1 №-дээх орто оскуола учууталлара үөрэтиэхтэрэ. «Үөрэхтэрин бүтэрэллэригэр орто анал үөрэх дипломнарын тутан, дьоһун идэлээх исписэлиистэр буолан тахсан, улууспутугар мэдисииинэ үлэһиттэрэ тиийбэт кыһалҕатын быһаарыахтара диэн эрэнэбит«, — диэн улуус пресс-сулууспата дьаһалта телеграм-ханаалыгар суруйда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: