Таатта улууһун бары нэһилиэктэригэр ситэриилээх былаас уорганнарын 2023 сыллааҕы үлэтин отчуота саҕаланна. Бүгүн, олунньу 26 күнүгэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайааччылаах отчуоттуур бөлөх бастакы күнүн Амма нэһилиэгиттэн саҕалаата.
Отчуоту нэһилиэк баһылыга Степан Соров салайан ыытта. Мунньахха 60-ча олохтоох кэлэн кыттыыны ылла. Амма нэһилиэгин олохтоохторо отчуоту иһиттилэр, кыһалҕалаах боппуруостарын биэрдилэр. Амма өрүс үрдүгэр олорор нэһилиэк буолан экология, Амма өрүһү харыстааһыҥҥа, өртөөһүн, тыа нэһилиэгэр ыччат үлэлии хаалара мөлтөх, онно туох үлэ ыытылларын тула сурастылар.
Итиэннэ А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй 2027 сылга төрөөбүтэ 150 сыла буоларыгар төрөөбүт дойдутугар кулууп, дьон сынньанар пааркатыгар эбии тутууну, айан суолун тупсарыыга санааларын эттилэр.
Маҥнайгы күн СӨ бырабыыталыстыбатын отчуоттуур бөлөҕө Амма, Орто Амма, Уус Амма, Хара Алдан, Алдан, Баайаҕа, Уолба нэһилиэктэригэр үс бөлөҕүнэн үлэлиэҕэ диэн «Таатта» хаһыат телеграм-ханаала иһитиннэрэр.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…