Салгыы
Дьокуускайга  өрөспүүбүлүкэтээҕи IV «Педагогическай Хакатон-2024» ыытылынна

Дьокуускайга  өрөспүүбүлүкэтээҕи IV «Педагогическай Хакатон-2024» ыытылынна

Ааптар:
19.03.2024, 10:00
Хаартыска: «Таатта» хаһыат
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга кулун тутар 13-15 күннэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи IV «Педагогическай Хакатон – 2024»  С.Н.Донской–II аатынан үөрэх үлэһиттэрин идэлэрин үрдэтэр үнүстүүт көҕүлээһининэн, төрдүс төгүлүн үнүстүүт дириэктэрэ Ньургун Павлов ааптардаах буолан ааста.

Тэрээһиҥҥэ Саха сирин араас улуустарыттан уонна Дьокуускай куорат оскуолаларыттан, IT — кулууптарыттан уонна уһуйааннарыттан 9 хамаанда финалга тахсан, үс күн устата араас мобильнай сыһыарыылары, саайтары оҥорууга бырайыактарын уонна  сыыппара эйгэтигэр үлэлэрин бэлэмнээбиттэрин көмүскээтилэр. Түөрт чилиэннээх экспертэр көрүүүлэрин түмүгүнэн бастакы миэстэни “IT – КУБ” хамаандата ылары ситистэ, иккис миэстэ5э – “Школа – 39” таҕыста, оттон үһүс миэстэни “Майалар” хамаандата ылла.

Оттон оҕо уһуйаанын “Стимул” хамаандата тилэх баттаһа төрдүс буолан, “Лучшая методическая разработка» номинация хаһаайына буолары ситистэ. Бу күрэххэ быйыл үс уһуйаан хамаандата кыттан, оскуола программистарыттан уратыта суох, сорохтору баһыйар да гына кыттыыны ылбыттарыттан экспертэр соһуйдулар. «Оҕо уһуйааннара итэҕэһэ суохтук үлэлии олороллор”,- эбит диэн сөхтүлэр. “Стимул” хамаанда кыттыллаахтарын өссө биир үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит уонна оҥорбут үлэлэрэ өссө сайда, үгүс ситиһиилэнэ турарыгар баҕарабыт!
Светлана Расторгуева.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: