Салгыы
Тааттаҕа «Халыма» айан суолун учаастагын чөлүгэр түһэрэллэр

Тааттаҕа «Халыма» айан суолун учаастагын чөлүгэр түһэрэллэр

Ааптар:
06.08.2024, 19:15
Хаартыска: «Бүлүү» суол управлениетын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Таатта улууһугар «Халыма» айан суолугар күүстээх ардах түһэн, суол алдьаммыта. Тырааныспар бары көрүҥнэригэр  бу сыл атырдьах ыйын 1 күнүттэн сырыы тохтотуллубута.

Билигин миэстэтигэр суолу чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ ыытыллаллар. Бу туһунан «Бүлүү» суол управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. «Бүлүү» суол управлениета суол учаастактарын нуормаҕа эппиэттиир турукка тиэрдиигэ былааннаах үлэни ыыталлар. 2024 сыл бэс ыйыгар 197-216 км суол учаастактарыгар хапытаалынай өрөмүөҥҥэ 2026 сылга диэри болдьохтоох судаарыстыбаннай хантараак түһэрсиллибит. Билигин 177-182 км, 216-264 км (Чурапчыттан Ытык Күөлгэ диэри) айан суол хапытаалынай өрөмүөннээһинин тэрээһиннэрин ыытарга бырайыактыыр-чинчийэр үлэлэр бараллар. Хапытаалынай өрөмүөн уонна саҥардыы үлэлэрэ 2025 сылтан саҕаланара былааннанар.

Суол өрөмүөнүн үлэтэ ыытыллыар диэри «Тааттаавтодор» АХ бэдэрээтчит, быстах кэмҥэ, күн-дьыл туругуттан көрөн суолу чөлүгэр түһэрии үлэни ыытар.  Суолга уустук быһыы-майгы үөскээбитинэн ыарахан уйуктаах таһаҕаһы тиэйэр суоппардары быраабыла нуормаларын тутуһалларыгар көрдөһөллөр. Массыына уопсай маассата 32 туоннаттан ордуо суохтаах.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
19 сентября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 60% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: