Тааттаҕа кырдьаҕаһы көрөр ыал ахсаана элбиир
Социальнай салалта 2013 сылтан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин иһинэн үлэлиир «Забота о гражданах пожилого возраста» бырагырааманан соҕотох хаалбыт кырдьаҕастары көрөр ыаллар ахсааннарын элбэтэн, аҕам саастаахтарга сыаналаммат үтүө өҥөнү оҥорор. Сонун хайысха үлэтин маҥнайгы түһүмэҕинэн улууска кырдьаҕастары көрүөн баҕалаах ыал ортотугар кэлим бырагыраама чэрчитинэн кэтээн көрүү мониторина ыытыллыбыта.
Ол курдук кырдьаҕастары көрөр ыаллар испииһэктэрэ таҥыллан, маҥнай уон киһиттэн саҕалаан, аҕам саастаахтар дьиэ кэргэттэрин булбуттара. Саха Өрөспүүбүлүкэтин 21.02.2013 с. 1159-З N 1229-IV «Аҕам саастаахтары уонна инбэлииттэри көрөр дьиэ кэргэни тэрийии» сокуонугар уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын уурааҕыгар олоҕуран, СӨ Үлэ министиэристибэтин 03.06.2013 с. №604-ОД бирикээһинэн бары ирдэбилгэ эппиэттиир усулуобуйа тэриллэн, дьиэ кэргэни кытары ыкса ситимнээх үлэ ыытыллан, аҕам саастаахтарбыт кыһамньылаах көрүүнэн-истиинэн хааччыллаллар.
2013 сылтан Таатта улууһугар уопсайа 55 кырдьаҕаһы дьиэ кэргэҥҥэ көрө-истэ ыллылар. Быйыл улуус үрдүнэн 8 нэһилиэккэ 33 кырдьаҕаһы көрөр дьиэ кэргэн: Тааттыныскайга – 19, Октябрьскайга – 4, Баайаҕаҕа – 4, Хара Алдаҥҥа – 2, Алдаҥҥа – 3, Аммаҕа – 2, Орто Аммаҕа – 1, Игидэйгэ – 1 ыал баар.
Социальнай сулууспа 2021 сыллаахха сокуоҥҥа уларыйыы киирэн, оҕо эрдэхтэн доруобуйаларынан хааччахтаах 1 уонна 2 бөлөххө киирэр дьоҥҥо улахан болҕомтону ууран утумнаахтык үлэлэһэр. Аҕам саастаахтар уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон интэринээт-дьиэ уочаратын күүппэккэ, дойдуларыттан тэйбэккэ, төрөөбүт түөлбэлэригэр олороллоругар туһуламмыт былааннаах үлэ ыытыллар.
Көрүүгэ-истиигэ наадыйар кырдьаҕас дьон ортотугар улахан көмөлөөх бэдэрээлинэй бырагыраама киэҥ сэҥээриини ылла. Анал бырагыраама олоххо киириэҕиттэн үгүс кырдьаҕас санаата сырдаата, олоҕо чэпчээтэ. Эппиэтинэһи ылынан, аҕам саастаахтары көрөр дьиэ кэргэттэр эбээ, эһээ кэриэтэ бүөбэйдээн, кыһамньылаахтык сыһыаннаһан, кырдьаҕастары дьиэ кэргэн толору бырааптаах чилиэнинэн билинэллэр. Билигин ирдэбил быһыытынан, бэйэтин көрүнэр кыаҕа суох аҥаардас хаалбыт дьонтон дьахтар 55, эр киһи 60 сааһыттан маннык өҥөнөн туһанар кыахтаах. Кырдьаҕаһы иитэр дьиэ кэргэн олорор хоһу анаан, ирдэнэр усулуобуйаны тэрийэн, үлэҕэ олохторун анаабыт дьон доруобуйаларын тупсарыыга бары күүһү уураллар. Улуустааҕы социальнай харалта өттүттэн саастаах дьон олорор усулуобуйата тиһиктээхтик хонтуруолланар. Таатта улууһугар уһун кэмнэргэ соҕотох дьону ийэлии истиҥник көрөн кэлбит холобур буолар дьон үгүстэр.
Тааттыныскай нэһилиэккэ уһун сылларга 90 саастаах ытык кырдьаҕаһы, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Семен Иванович Большакову (1934 с. төрүөх) А.М. Савватеева үтүө суобастаахтык, 30-ча сыл көрөн кэллэ. Семен Иванович 16 оҕоттон чороҥ соҕотох хаалбыт, кэргэнэ, оҕото суох киһи. Эдэр эрчимнээх кэмигэр Харбалаах нэһилиэгин тутуутугар үлэлээбитэ. «Серов» колхозка борооску, субан сүөһү көрөрө, кэлин бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри «Кэнчээри» уһуйааҥҥа кочегардаабыта. Кини сааһыран баран, олорор дьиэтэ суох буолан, А.М. Савватеева аймахтарынан олорбута, онтон Агафья Михайловнаҕа көһөн кэлэн, дьиэ кэргэн эйэҕэс эһээтинэн буолбута.
А.М. Савватеева ытык кырдьаҕаһы сытыары сымнаҕас майгылаах, бэйэтэ ис-иһиттэн улахан психолог быһыытынан билинэр. Эһээ Сиэнньэ биир куһаҕан тылы ыһыктыбат үтүө майгылааҕын үрдүктүк сыаналыыр, олоххо олус көхтөөҕүн бэркиһиир. Бэйэтин кыанар эрдэҕинэ «Куула» түөлбэҕэ оҕо былаһааккатын тутуспутун, субуотунньуктарга көтүппэккэ сылдьарын үтүө тылынан ахтар. Аҕыйах сыллаахха диэри дьиэҕэ саахыматтыырын, хаһыат ааҕарын сөбүлүүрүн, саха маанылаах аһыттан алаадьыны, көбүөрдээх лэппиэскэни, эт аһы уонна бэрэскини ордорорун сэһэргиир. А.М. Савватеева кыһамньылаах сыһыанынан докумуон эккирэтиһэн, Семен Иванович тыыл бэтэрээнэ буоларын ситиспитэ. Сааһырбыт киһи доруобуйатын тупсарыыга хараҕын эпэрээссийэлэтэн, кулгааҕынан истибэтин аппараатынан хааччыйан, кыһамньылаах сыһыаҥҥа көрүллэр. Быйыл А.М. Савватеева 69 сааһа туолан, эһээ Сиэнньэлиин төрөппүт уолугар Г.Г. Савватеевка оҕо-аймах ортотугар олорор. Ол курдук, ытык кырдьаҕаспыт дьиэ кэргэн сылаас эйгэтигэр ытыс үрдүгэр сылдьан, үйэтэ уһаан, дьол, үөрүү эрэ аргыстанна.
Сыл ахсын улуус, нэһилиэк бэтэрээннэрин Сэбиэтэ уонна «Кэнчээри» уһуйаан кэллэктиибэ үлэ, тыыл бэтэрээнэ Семен Иванович Большаков аатын умнубакка, истиҥ эҕэрдэлэрэ кэлэ турара саастаах киһи сүрэҕин үөрдэр, санаатын кынаттыыр.
Октябрьскай нэһилиэк олохтооҕо А.К. Тимофеева иитэр дьиэҕэ оҕо сааһа ааспыт, сэрии сылын оҕото, мэхээнньик идэлээх, маһынан уһанар дьарыктаах Иван Прокопьевич Герасимовы көрөр-истэр. Кини кыһамньылаах үтүө сыһыанынан инсуллаан саҥарар кыаҕа суох буолбут ытык кырдьаҕас сүрэҕин эпэрээссийэлэтэн, сыл ахсын Дьокуускай куорат санаторийыгар эмтэтэр. Августина Константиновна кыраттан да оҕолуу үөрэр доруобуйатынан хааччахтаах Иван Прокопьевич саха киһитин сиэринэн үлэһит үтүөтэ буолан, самаан сайын уйгу быйаҥыттан бэриһиннэрэн, сир астыырын сөбүлүүрүн, саас айылҕа тыллыыта күрүө таһын ыраастаһарын, туһа киһитэ буоларын бэлиэтиир. Саастаах киһи инсуллаабытын кэнниттэн санаатын түһэрбэккэ саҥара, ыллыы сатыырын, олоххо тардыһыытын сөҕөр-махтайар. Өбүгэ төрүт аһыттан үрүҥ, эт, бурдук аһы, минньигэс барыанньаны, сакалааты сөбүлээн сиирин бэлиэтиир.
Биһиги биир дойдулаахтарбыт саастаах дьону көрүү улахан эппиэтинэһин чиэстээхтик сүгэн, дьиэ кэргэн биир чилиэнин быһыытынан билинэн, истиҥ, эйэҕэс сыһыаны бэлэхтииллэр диэн Тааттатааҕы социальнай харалта управлениета иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: