Үүнэр 2025 сылга Саха сирин XXII Спартакиадата Таатта улууһугар ыытыллаары турар.
Манна даҕатан эттэххэ, Манчаары оонньууларын ыытарга Таатта, Сунтаар, Ньурба, Кэбээйи, Нерюнгри, Алдан улуустара сайаапкаламмыттара. Ол эрээри, үөрүүлээх бэлиэ тэрээһини ыытар чиэс-бочуот СӨ физическэй култуура уонна успуорт министиэристибэтин кэллиэгийэтин куоластааһынынан Таатта ытык сиригэр буолара быһаарыллыбыта.
Онон саха төрүт көрүҥнэрин оонньуулара ытык-мааны Тааттаҕа иккис төгүлүн ыытыллаары турарынан, бэлэмнэнии үлэлэр хаамыыларын билэ-көрө улууска бүгүн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев сырытта, тирээн турар боппуруостарынан мунньахтаата.
Манчаары оонньууларын дириэксийэтин салайааччы Захаров Петр Егорович үлэ-хамнас туһунан иһитиннэрбитинэн, улуус киинигэр Ытык Күөлгэ улахан стадион ыам ыйын бүтүүтэ туттарыллыахтаах. Маны сэргэ, 8 тыһ.кв.м. иэннээх элбэх функцияны толорор, доруобуйаны чэбдигирдэр комплекс көҥдөйө бүппүт. Бэс ыйын 20 күнүн эргин үлэҕэ киллэрэр сорук турар. Д.А.Петров аатынан Ытык Күөл 2 №-дээх оскуолатыгар модульнай успуорт саалата бүтэн үлэҕэ киирбит. Манна күрэхтэһиигэ кэлбит спортсменнар, ыалдьыттар түһүөхтээхтэр. Итини таһынан Саһыл Уйалаахха ипподромҥа саҥардан оҥоруу үлэтэ ыытыллар. Ол иһигэр 1024 киһи олорор тырыбыната Новосибирскайтан кэлэн туруоруллубут. Этиллибитинэн манна ыллык уонна күрүө-хаһаа ситэриллэрэ хаалбыт.
Нэһилиэктэри ылан көрөр буоллахха, атын нэһилинньэлээх пууннарга тутуулар эмиэ ыытыллаллар. Чөркөөххө модульнай спортивнай сааланы тутууга үлэ көхтөөхтүк бара турар. Оонньуулары көрсө туттарыллыахтаах. Онтон Дьохсоҕоҥҥо кыра стадион тутуллар. Эрдэ этиллибитинэн, манна икки көрүҥҥэ күрэхтэһии былааннанан турар. Кыра стадиону оҥорууга нэһилиэк бэйэтин өртүттэн ирээтин толорбут. Тутуу оонньуулары көрсө үлэҕэ киирдэҕинэ, күрэхтэһиилэр ыытыллыахтаахтар.
Манчаары оонньууларыгар 4412 киһи түһэр сирэ бэлэм буолуохтаах. Ыалдьыттары, спортсменнары түһэрэргэ отуттан тахса эбийиэккэ өрөмүөн ыытыллыахтаах.
Үлэ-хамнас хаамыытын сиһилии истэн баран Ил Дархан Айсен Николаев Боробулга баар аһаҕас физкультурнай-чэбдигирдэр комплекс тутуутун үбүлээһин боппуруоһун быһаарарга уонна Ытык Күөлгэ биэрэк үрдүн тупсаран оҥорууну түмүктүүргэ соруйда. Улуус дьаһалтатыгар спартакиада кыттыылаахтара түһэр уонна аһыыр сирдэрин бэлэмниир туһуттан үөрэх тэрилтэлэрин өрөмүөнүн үбүлээһиҥҥэ сайаапка түһэрэллэригэр сүбэлээтэ. Маны сэргэ, тырааныспарынан хааччыйыыга, сибээс баар буолуутугар уонна суол-иис быыла суох, айанныырга табыгастаах буоларын хааччыйалларыгар ураты болҕомтону уурда. Улуус киинигэр икки сүрүн эбийиэги — элбэх функцияны толорор спортивнай-чэбдигирдэр комплексы уонна 1000 миэстэлээх, сүүрэр ыллыктаах стадиону болдьоммут кэмнэригэр бүтэрэллэригэр соруйда.
—Үлэ былааннаахтык баран иһэр. 2024 сылга улахан бэлэмнэнии ыытыллыбыта. Элбэх хайысханы толорор успуорт комплекса уонна стадион тутулла тураллар. Тэтим үчүгэй, үбүлээһинэ көрүллүбүтэ. Саҥа интэринээттээх лиссиэй үлэҕэ киирбитинэн, тэрээһин кыттыылаахтарын түһэрии боппуруоһа көрүллэр. Уопсайынан, далааһыннаах күрэхтэһиигэ туһулаан ыытыллар бары тэрээһиннэргэ олохтоохтор кыттыылара улахан оруоллаах. Маныаха Манчаары оонньуулара ытык Таатта олохтоохторун сомоҕолоһууларынан, түмсүүлэринэн, кинилэр күүстэринэн үрдүк таһымнаахтык ыытыллалларыгар эрэнэбин, — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан Айсен Николаев.
Олоҥхо дойдутугар — ытык-мааны Тааттаҕа Манчаары оонньуулара өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытылларыгар улуус дьоно-сэргэтэ бэлэмнэнэ, турунан үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Манна даҕатан иһитиннэрдэххэ, спортсменнар 11 араас көрүҥҥэ күрэхтэһиэхтэрэ. Ол курдук, манна баар буолуоҕа хапсаҕай, мас тардыһыыта, чэпчэки атлетика, хотугу многоборье, остуол оонньуулара, ох саанан ытыы, ат сүүрдүүтэ, уо.д.а.
Анна Посельская хаартыскаҕа түһэриитэ
ИДьМ 1-кы нүөмэрдээх салаатыгар эр киһи тиийэн массыынабыттан электрическэй үстүрүмүөннэри уордулар диэн сайабылыанньа суруйбут. Хоромньу…
Күн сырдыга ыараханнык ыалдьыбыт киһиэхэ күндү да буоллаҕа. Киһи биирдэ олорор. Быһылааҥҥа,оһолго түбэстэххэ, ыыппат ыарыыга…
Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин уһуйаанын тиэргэнин бэртээхэй хаар оҥоһуктар киэргэтэллэр. [gallery ids="178769,178770,178771,178772,178773,178774"] Бу маны барытын…
"Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?" - диэн ыйытыктаах Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев Ньурбатааҕы кырдьаҕастар…
Саҥа дьылы көрсө Ил Дархан Айсен Николаев уһулуччулаах биир дойдулаахтарбытыгар Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай…
Саҥа дьылбыт чугаһаан ким хайдах дьоҕурдааҕынан, сатабыллааҕынан тиэргэнин, тэрилтэтин иннин киэргэтэр. Элбэх улууска социальнай тэрилтэлэр…