Таатта улууһугар Ытык Күөлгэ «Манчаары оонньууларыгар» бэлэмнэнии чэрчитинэн, сүүрэр ыллыктаах 1000 миэстэлээх стадиону уонна элбэх хайысхалаах доруобуйаны чэбдигирдэр спортивнай комплексы туталлар.
Далааһыннаах улахан күрэхтэһиигэ бэлэмнэнии хаамыытын СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайан ыыппыт тэрийэр кэмитиэтин көһө сылдьар мунньаҕар көрдүлэр.
Тэрийэр кэмитиэт мунньаҕа буолуор диэри Сергей Местников тутууларга сырытта. Эбийиэктэри тутуу былаан быһыытынан баран иһэр, эһиил үлэҕэ киллэриллэллэр.
Успуорт комплексыгар ититэр ситими киллэрии, сылаас муостаны оҥоруу, түннүктэри туруоруу үлэлэрэ бара тураллар. Бэдэрээччит сэтинньиттэн ис өттүгэр үлэни саҕалыыр былааннаах.
Стадиоҥҥа киин тырыбынаны оҥороллор, футбол хонуутун бүрүөһүнүн тэлгииллэр. Саас сүүрэр сиргэ ылсан үлэлэспитинэн барар соруктаахтар.
Маны сэргэ ОДьКХ уонна энэргиэтикэ, социальнай эбийиэктэргэ өрөмүөн ыытыллыахтаах. Сергей Местников Ытык Күөл сэлиэнньэтин тупсаран оҥоруу боппуруоһа тиһиктээх хонтуруолу ирдиирин бэлиэтээтэ.
Санаттахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан «Манчаары оонньуулара» эһиил, 2025 с. Таатта улууһугар от ыйыгар ыытыллар. Эрдэтээҥҥи иһитиннэриинэн, тэрээһин түмүктүүр чааһыгар сэттэ тыһыынча киһи кыттыахтаах.
Түһүлгэҕэ успуорт 11 көрүҥэр күрэхтэһиэхтэрэ, ол иһигэр хапсаҕай, мас тардыһыыта, ыстаҥа, чэпчэки атлетика, хотугу многоборье, остуол оонньуулара, буулдьанан ытыы, оҕунан ытыы, ат сүүрдүүтэ, о.д.а. баар буолуо.
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэлиэтээбитинэн, Арассыыйа успуорт национальнай көрүҥнэрин киэҥник тарҕатыахтаах уонна кылаабынайа, маассабай успуорт көрүҥнэрин курдук тэнийиэхтээхтэр, сайдыахтаахтар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…
Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…
Сэтинньи 22 күнүгэр Индигир өрүс төрдүгэр былыр-былыргыттан олохсуйан олорор Русскай Устье, Походскай сэлиэнньэлэр олохтоохторун устуоруйаларыгар,…
2019 сылтан Уһук Илин уокуругар «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак үлэлиир. Бу кэм устата…