Тааттаҕа муҥхаҕа сүүһүнэн киһи кытынна
Бу күннэргэ Чөркөөххө муҥхалааһын саамай үгэнэ диэн Тааттаттан Гаврил Вырдылин sakhasire.ru саайтка иһитиннэрдэ.
— Ааспыт өрөбүл күннэргэ ыаллыы улуустартан, нэһилиэктэртэн барыта үс сүүстэн тахса киһи мустан, Ытык Таатта муҥхалааһына түҥ былыргы үгэһи тутуһан ыытылларын илэ чахчы харахтарынан көрөн, эт кулгаахтарынан истэн, муҥхалааһын бары үлэтигэр кыттыһан, тоҥон хатан үөрдүлэр-көттүлэр. Тыымпы Молоҕоойу, Сыырдаах диэн былыр былыргыттан аатырбыт минньигэс соболоох, ааспыт үйэ сэрии, сут кураан саҕана дьону-сэргэни үрүҥ тыыннарын өрүһүйбүт ытык эбэлэргэ сүүһүнэн киһи мустан муҥхалаатылар. Муҥхалаахтар Василий Федосиевич Ефремов, Иннокентий Николаевич Филатов — чөркөөхтөр итиэннэ Анатолий Егорович Сизых, Николай Николаевич Слепцов — ытык күөллэр, — Гаврил Гаврильевич Вырдылин иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: