Салгыы
Тааттаҕа ойууру харыстааhын, чѳлүгэр түhэрии уонна кѳрүү-харайыы үлэлэрэ ыытыллаллар

Тааттаҕа ойууру харыстааhын, чѳлүгэр түhэрии уонна кѳрүү-харайыы үлэлэрэ ыытыллаллар

Ааптар:
26.09.2024, 12:15
Хаартыска А.Данилов тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

«Якутлесресурс» Тааттатааҕы филиала быйыл ойууру чѳлүгэр түһэриигэ саңа бырайыагы олоххо киллэрэн эрэр. 

Бырайыак туһунан салайааччы  Андрей Дмитриевич Данилов маннык кэпсээтэ:

—Быйыл күһүҥҥүттэн бэһи олордуубутун саҕалаатыбыт. Саха сиригэр бэһи үүннэрии үөрүйэҕэ хас да улууска баар. Холобур Горнайга, Алдаҥҥа олордуллубут бэстэр үүнэн эрэллэрин билэбит. Биһиги олордуохтаах сирбит иэнэ киэҥ. Амма ѳрүс кытылыгар аҕыйах сыллааҕыта умайбыт тыа былырыын ыраастанан бэлэмнэниллибитэ. Сирэ-уота уулаах-хаардаах, тиэхиньикэ киирбэт. Онон илиинэн үлэтэ баһаам буолсу. Барыта 197 гектарга 650 тыһыынча кэриҥэ бэс олоруохтаах. Кѳмѳҕѳ биир идэлээхтэрбит атын улуустартан кэлэллэр, онон үлэ ситиһиилээхтик түмүктэнэригэр эрэллээхпит. Күөх дуолу чѳлүгэр түһэриини сүрүннээн улахан бырамыысыланнай хампаанньалар үбүлүүллэр, кинилэр айылҕаҕа содулларын манан толуналлар, ону таһынан нэһилиэнньэ мас туорааҕын хомуйан туттарыан сѳп.

Маны таһынан күһүҥҥү ѳртѳѳһүммүт үлэтэ ураты харыстанар сирдэрбитигэр саҕаланна. Эмиэ маар дойдулар, аныгы тиэхиньикэлэр абырыыллар. Холобур — квадроцикл. Тэрилтэбитигэр ыччат элбэх, билигин баһаары умулларааччылар бары эдэр дьон, сайын түбүктээх кэмҥэ устудьуоннар кэлэн үлэлээн кѳмѳлөһөллөр. Быйыл Өлүѳхүмэҕэ балаһыанньа уустугуран, онно сырыттылар. Тиэхиньикэнэн хааччыллыы үчүгэй. Сайыҥҥы кэммитигэр тыа суолун оҥорон бэлэмниибит, тыа ыраастааһына, нэһилиэнньэлээх сирдэри уоттан быыһыыр балаһалары оҥоруу уонна да атын үлэбит элбэх. Маны барытын отучча киһи кыанабыт, дьиэ-уот, гараастар кыах баарынан саҥардыллаллар.

Мин манна 1986 сылтан үлэлиибин. Тааттатааҕы филиал 2008 сылтан тэриллиэҕиттэн салайабын. Маҥнай орто анал үѳрэҕи бүтэрбитим, кэлин үрдэтиммитим, билиибин хаҥаппытым. Саха сиригэр лесник идэтин баһылыырга усулуобуйа баар.
Улууспут олохтоохторугар ойуурбутун бары харыстыаҕыҥ, ыраастык тутуоҕуҥ, бөҕү-саҕы быраҕымыаҕыҥ, сылдьар, сынньанар сирдэрбитигэр сиэри-туому тутуһуоҕуҥ, бас-баттах бараары гынар сиэрэ суох дьону тохтотуоҕуҥ. Оччотугар айылҕа барахсан махтаныа, бэйэбитигэр хардары туһалыа.

Александра Прудецкая,

Ытык Күөл, Таатта.

Хаартыскалар А.Данилов тиксэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -25°Влажность: 78% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: