Тааттаҕа суол саахалыгар эмсэҕэлээбит биэнсийэлээххэ алдьаммыт истэр аппарааттарын хоромньутун толуйдулар

Ытык Күөл сэлиэнньэтин 79 саастаах олохтооҕор 2023 сыл алтынньытыгар тахсыбыт суол саахалын түмүгэр алдьаммыт истэр аппарааттарын уонна ылбыт моральнай хоромньутун иһин кэмпэнсээссийэни төлөөтүлэр.
Таатта улууһун борокуратуурата быһаарбытынан, «Дьокуускай — Аллараа Бэстээх — Ытык Күөл» маршрутунан пассажирдары таһан испит «Тойота Хайс» суоппара «Халыма» федеральнай суол 143-с килэмиэтиригэр суолтан туораан, массыынатын уулаах сиргэ түҥнэстибит. Саахалга истэринэн мөлтөх III группалаах инбэлиит биэнсийэлээх истэр аппарааттара алдьаммыттар. Ол сыаната 115 тыһыынча солкуобай буолбут.
Кырдьаҕас киһи кэмпэнсээссийэ харчытын көрдөөн ыла сатаабытын үрдүнэн, хоромньута өр кэмҥэ толуйуллубатах. Түмүгэр, борокуратуура ирдэбилинэн суоппартан 115 тыһыынча солкуобайдаах материальнай хоромньуну уонна 20 тыһыынча солкуобайдаах моральнай хоромньуну ирдээтилэр. Харчыта номнуо толору төлөннө, диэн СӨ борокуратуурата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: