Тааттаҕа улуус дьаһалтатыгар мэдиссиинэ кэллиэһин филиалын аһар тэрээһин боппуруостары дьүүллэстилэр
Быйыл күһүн Таатта улууһугар Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин филиала аһыллыаҕа.
Үөрэх кыһата 1 №-дээх оскуола баазатыгар олоҕуран, икки сыл устатыгар мэдиссиинэ сиэстэрэлэрин уонна биэлсэрдэрин бэлэмниэҕэ. Маныаха үөрэтии хаамыытыгар улуус киин балыыһатын анал идэлээх быраастара, орто оскуола учууталлара кыттыһыахтара. Кэллиэс филиалыгар 11-с кылаас кэннэ туттарсан киирэллэр. Уопсайа, 40 миэстэттэн 30 миэстэтэ — бүддьүөт суотугар, 10 миэстэ — төлөбүрдээх.
Бу күннэргэ улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Руслан Захаров мэдиссиинэ кэллиэһэ аһыллыытын боппуруоһугар сүбэ мунньаҕы тэрийдэ.
Кэпсэтиигэ балыыһа кылаабынай бырааһа Сардаана Кононова, үөрэх управлениетын салайааччыта Иннокентий Дягилев уо. д а. эппиэттээх исписэлиистэр кыттыыны ылан, тэрээһин боппуруостарын дьүүллэстилэр. Бу туһунан Таатта улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: