Таатта улууһугар киһи өлүүлээх баһаар таҕыста

Share

Бу сарсыарда 06:12 ч Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр Кулаковскай аатынан уулуссаҕа чааһынай маҕаһыын умайда.

Баһаар тахсыбытын түмүгэр быһа холоон быһаарыынан биир киһи уокка өллө диэн СӨ Судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Баһаар буолбут иһитиннэриитэ киирээтин кытта 1 км сиргэ баһаарынай чаас дьуһуурунай этэрээтэ тиийбит. Баһаарынайдар тиийэллэригэр хочуолунай үрдэ бүтүннүү аһаҕас уотунан умайа турбут.
Биир чаас иһигэр баһаары умуруорбуттар.

Киһи өлүүлээх баһаар 2014 с. тутуллубут, 7*8 иэннээх, 3*4 иэннэээ эбии тутуулаах, оһоҕунан оттуллар, маҕаһыын быһыытынан туһаныллар дьиэҕэ тахсыбыт.

Баһаар түмүгэр 68 кв.м иэннээх дьиэ ис өттө бүтүннүү умайда. Быһылаан тахсыбыт сириттэн киһи өлүгүн сорох чааһа булулунна, аймахтара эппиттэринэн, маҕаһыын хочуолунайыгар 1960 с.т. киһи хачыгаарынан үлэлии сылдьыбыт. Баһаары умуруорууга 16 киһи уонна 3 тиэхиньикэ үлэлээбит.
Быһылаан тахсыбыт чахчытынан силиэстийэлиир-суһал бөлөх үлэлиир. Баһаар туохтан тахсыбыт биричиинэтэ, буруйдаах уонна хоромньу быһаарыллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
15
+1
6
+1
8

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабырыка 100 мөл. сымыыты оҥорор былаанын толоруоҕа

Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс түмүктэннэ

Күүтүүлээх-кэтэһиилээх, биэс күн устата барбыт долгутуулаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ.…

22 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Кыл Саха» 10 сыллаах дьоро киэһэтигэр «кылыһахтардыын сахалыы кэпсэтэ»

2014 сыллаахха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан,  оччотооҕу миниистир Андрей Борисов өйөөһүнэн, маастардар…

37 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбит

Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрэн, 300 тыһыынча солкуобай кэриҥэ харчытыттан мэлийбит. Дьокуускайга 2 №-дээх…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Чэгиэн-чэбдик буол

Бэйэбитин көрүнүөҕүҥ, доруобуйабытыгар туһалааҕы оҥостуоҕуҥ. Ытыстары бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытыллар уонна сырдык киирбэтин курдук тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспо» быыстапкаҕа Ньурба урбаанньыта бииргэ үлэлэһэр дьонун булла

Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024"   Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…

2 часа ago